Бэҕэһээ С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын мусуойа (салайаччы Альбина Федорова) бэрт сэргэх тэрээһин оскуола үөрэнээччилэрин, мусуойга сылдьааччылары кэрэхсэттэ. Ол курдук мусуой уонна Владимир Николаев аатынан Сунтаардааҕы норуодунай тыйаатыр (салайааччы Екатерина Григорьева, режиссер Татьяна Заровняева) «Мин мантан сэриигэ барбытым» диэн хартыынаны тилиннэрэн көрдөрдүлэр (перфоманс). Маннык тэрээһини мусуойдар иккис сылларын ыыталларын дьон сэргиир. Хартыынаны тилиннэрэн көрдөрүүгэ Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын 7-с, 8-с, 9-с, 10-с кылаастарын үөрэнээччилэрэ кытыннылар. «Мин мантан сэриигэ барбытым» хартыынаҕа ийэ төрөппүт оҕотун сэриигэ атаарарын тилиннэрэн көрдөрүүнү үөрэнээччилэр сүрэхтэригэр чугастык ылыннылар, уйадыйан ыллылар.
Бу хартыынаҕа бэтэрээн оруолун музей үлэһитэ Иван Евсеев, сэриигэ барар эдэр уол оруолун мусуой исписэлииһэ Ньургун Григорьев толордулар. «Мин мантан сэриигэ барбытым» диэн театрализованнай туруорууну кини тобулан, толкуйдаан, идиэйэлээн туруордулар.
Ааптар: Яина Власьева