«Өркөн өй түһүлгэтэ» күрэххэ 1 үрдэли — «Саһарҕа», 2 үрдэли — «Кэнчээри», 3 үрдэли — «Тускул» , 4 үрдэли «Кэскил» түөлбэ ыллылар. «Саха кыыһа — сир сиэдэрэй симэҕэ» куукулаҕа сахалыы таҥас күрэҕэр: 1 үрдэли — Николаева Женя, 2 үрдэли — Семенова Сайаана, 3 үрдэли Афанасьева Камилла аастылар.
«Өбүгэ оонньуулара» сахалыы илии-атах оонньууларыгар бастакыны «Кэскил», 2-һи «Кэнчээри», «Тускул» үһүс, 4-кэ «Саһарҕа» таҕыста.
«Олус интэриэһинэй, дьону сомоҕолуур тэрээһин буолла. Көхтөөхтүк кыттыбыт нэһилиэк олохтоохторугар махтанабыт, өссө үрдүк ситиһиилэри, куруук маннык ил-эйэ, доҕордоһуу баар буоларыгар баҕарабыт«, — диэтилэр тэрийээччилэр.
Ааптар: Агафья Ноева