Түмсүү ордук ансаамбыл курдук биллэр. Кэнсиэртэргэ мэлдьи атынтан атын ырыа үөрэтэн ыллыыллара кэрэхсэнэр. Ансаамбылга байаанынан доҕуһуоллуур нэһилиэкпит мелодиһа, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, култуура бэтэрээнэ — Николай Семенов. Ыһыахха сиэри-туому ыытыыга, Саҥа дьыллааҕы маскараад баалыгар, Кыайыы күнүгэр параадка, Кырдьаҕастар күннэригэр, нэһилиэк күнүгэр, Ньукуолуҥҥа, «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» биэчэргэ уонна да атын култуурунай тэрээһиннэргэ «Көмүлүөк» түмсүү мэлдьи инники сылдьар. Эбээлэр үҥкүүлээн да ылаллар, хоһоон да ааҕаллар, сценкаҕа да оонньууллар, спектакль да туруораллар. «Көмүлүөктэр» улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар, мэлдьи лауреат, дипломант үрдүк аатын ылаллар. Эбээлэр бары да иистэнньэҥ буоланнар, туох баар сценаҕа кэтэр таҥастарын бэйэлэрэ тиктэллэр. Ону таһынан кылынан, оҕуруонан, кыбытыгынан, быысапканан дьарыктаналлар. Нэһилиэк, улуус быыстапкаларыгар мэлдьи кытталлар.
Соторутааҕыта «Көмүлүөк» түмсүү 10 сыллаах үлэтин көрдөрөр дьоро киэһэ ыыттыбыт. Манна түмсүү чилиэттэрэ уус-уран оҥоһуктарын кэлбит ыалдьыттарга, бар дьонноругар быыстапка тэрийэн көрдөрдүлэр. Бары да илиилэригэр талааннаах буоланнар иис араас көрүҥүттэн оҥоһуктар бааллара. Онтон «Көмүлүөк 10 сыла» диэн үбүлүөйдэринэн сибээстээн таһаартарбыт кинигэлэрин сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэни педагогическай үлэ бэтэрээнэ, нэһилиэк Далбар хотуна Людмила Андреевна Андреева уонна «Көмүлүөк » түмсүү салайааччыта, нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо, Учууталлар учууталлара, Үөрэҕирии бэтэрээнэ Вера Алексеевна Македонова хомуйан оҥордулар. Бу кинигэҕэ нэһилиэк тэрилтэлэрин уонна түмсүүгэ сылдьар эбээлэр ахтыылара хомуллан тиһилиннэ.
Дьоро киэһэни нэһилиэкпит Аан Дархан оһуохайдьыта, бастыҥ тойуксута Зинаида Семеновна Иванова эҕэрдэ тойугунан арыйда. Нэһилиэк аҕа баһылыга Олег Валериевич Иринеев «Көмүлүөк» түмсүүгэ эҕэрдэтин эттэ, махтал сурук уонна колонковай иистэнэр массыынаҕа сертификат туттарда. Онтон түмсүү олохтоох дьаһалтаҕа мэлдьи күүс-көмө буоларыгар махтанан туран бэйэлэрэ тикпит нэһилиэкпит гербэтин бэлэх ууннулар. Гербэни сиэлтэн, тирииттэн, сукунаттан, замшаттан оҥордулар. 2008 сыллаахха түмсүү хайдах тэриллибитин туһунан кылгастык, оччолорго нэһилиэк аҕа баһылыгын солбуйааччытынан үлэлээбит Николай Васильевич Иванов сырдатта. «Көмүлүөктэр» баянист Николай Семеновка уонна бибилэтиэкэр Альбина Трифоноваҕа кинилэр үлэлэригэр күүс-көмө буолалларын иһин махтанан туран «Көмүлүөк» түмсүү 10 сыла» диэн суруктаах чороон бэлэхтээтилэр.
Бэйэлэрин толорууларыгар ылбаҕай ырыалары ыллаан, кэрэ үҥкүүлэри үҥкүүлээн, көрдөөх сценкалары көрдөрөн, хомоҕой хоһооннору ааҕан көрөөччүлэр кэнсиэри астына-дуоһуйа көрдүлэр, дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлээтилэр. «Көмүлүөктэр» көрөөччүлэригэр нууччалыы былааттаах уонна сахалыы дэйбиирдээх саҥа үҥкүүлэри көрдөрдүлэр. Хас биирдии нүөмэргэ таҥастара-саптара уларыйан иһэрин дьон-сэргэ сөҕө көрдө. 10 сыл тухары «Көмүлүөктэр» араас быһыылаах сахалыы таҥастары, соннору, нууччалыы көстүүмнэри, сценаҕа кэтэр былааччылары, маскараадтары тигиннилэр.
Эбээлэрбитин нэһилиэкпит ырыаһыттара Павел Григорьев, Николай Васильев, Николай Семенов, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар күрэхтэр кыайыылаахтара «Эрэл» дуэт ырыа ыллаан, «Тэбэнэт» эдэр ыччат түмсүүтэ сахалыы, «Кыымчаан» уһуйаан кэлэктиибэ грузинныы үҥкүүлээн, улуустааҕы 17-с төгүлүн ыытыллыбыт «Сааскы дьээбэрэҥнэр» көрүү-күрэх «Эрэллээх эрэттэр» аат кыайыылаахтара «Атастыылар» драмкуруһуок сценка көрдөрөн эҕэрдэлээтилэр. «Атастыылар» куруһуокка «Көмүлүөк» түмсүүттэн Валентина Степанова, Варвара Алексеева оонньууллар. Тимофей Марков уонна Варвара Алексеева «Арай биирдэ» диэн сценканы оонньоон көрдөрөннөр зал иһэ толору күлүүнэн туолла. Екатерина Максимова сиэнинээн Саиналыын норуот ырыаларынан попурри ыллаан, Татьяна Пудова уонна Екатерина Максимова «Мутукча сыта» ырыаны дуэттаан көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар. Зоя Кононова олус истиҥ, киһи уйулҕатын таарыйар сэрии туһунан хоһоон аахта. Бу киэһэҕэ ыҥырыылаах тэрилтэ салайааччылара эбээлэргэ эҕэрдэлэрин эттилэр, махталларын биллэрдилэр, бэлэхтэрин туттардылар. Павлов Михаил Васильевич дьиэ кэргэнэ МЭДВИК хампаанньаттан икки иистэнэр манекен бэлэхтээтэ. Ыҥырыылаах ыалдьыттарга түмсүү бэйэтэ тикпит олбохторун бэлэх уунан соһутта. Ол кэннэ минньигэс астаах остуол тэрийэн дьоннорун-сэргэлэрин күндүлээтилэр. «Көмүлүөк» түмсүү дьон-сэргэ махталын ылан, эҕэрдэ эриэккэһин истэн, бэлэх маанытын тутан үөрүүлэрэ үксээтэ, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.
Ааптар: Альбина Трифонова, Римма Черемкина