Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга С.В. Борисова үлэ-хамнас туһунан маннык билиһиннэрдэ: «Оскуолабыт тутуута салҕанар, үлэһиттэр кэлбиттэрэ. Бу күннэргэ цемент тиэллэ сылдьар, тутуутун харчыта Правительствоҕа быһаарылла турар. Субуотунньук бэрээдэгинэн көтүрүллүбүт эргэ оскуолабытын олохтоохтор ыраастыы сылдьаллар. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы А.Н. Никитин салалтатынан үлэ күргүөмнээхтик ыытыллар. В.В. Кочаткин тракторынан, нэһилиэк ыччакка лидерэ А.А. Артемьев «МТЗ» тракторынан уо.д.а., роспуск таһан, тэрилтэлэр, нэһилиэк эр дьоно уочаратынан субуотунньукка кытталлар. Барыта 12 прицепь, 7 роспус мас тиэйдилэр. Спортзал тутуутугар биригээдэлэр кэлэн эмиэ үлэ барар. Бу күннэргэ Новосибирскай куоракка икки вагон металлоконструкция бастакы партията тиэллэн биир ыйынан Бөтүҥҥэ кэлэн, тутуу күүстээхтик ыытыллыаҕа. Харчытын 12,5 мөл. солк. Руслан Федотов уйунан улахан махталлаах олоробут. Иккис партия оҥоһулан эмиэ кэлэрин кэтэһэбит. Центральнай котельнайга реконструкция үлэтэ ыытыллар. Материалларын ылан бэлэмнээн олороллор. Аукцион нөҥүө бэдэрээтчит биллэн, өрөмүөн үлэтэ саҕаланарын кэтэһэбит. Ону тэҥэ нэһилиэкпит арҕаа өттүгэр саҥа квартальнай котельнай тутуута саҕаланна. Сирин ыраастаан, оһохтор турар сирдэринэн мас сыбаайалары түһэрдибит. Фундамент миэстэтин отсыпкатын саҕалаатыбыт. Дьиэтин тутуутугар «Теплый край» ХЭТ кытта дуогабар түһэрсэн олоробут. Бу котельнай тутуллан үлэҕэ киирдэҕинэ арҕаа ыаллары бүтүннүү хааччыйар. Бу күннэргэ Нестеров киин уулуссаҕа Дьокуускайдааҕы «Энерготехнология» ХЭТ өҥөтүнэн уулуссаны сырдатыы 34 тимир опората туруорулунна. Техусловие үлэтэ ааһан, уот холбонон уулусса сырдаата. Нестеров уулуссаҕа 2017 сылга 350 метрэ бетоннааһын оҥоһуллубута. Быйыл киириигэ 360 метр суол эбии оҥоһулуннаҕына уулуссабыт тупсуо этэ. Бу Нестеров уулуссаҕа олорор ыаллар былырыын олбуордарын тупсарыыга Бэстээхтэн ИП Цыпандинтан профлист аҕалан түҥэппиппит, аҥарын бюджеттэн уйуммуппут. Быйыл эмиэ бу үлэни салгыыр былааннаахпыт. ППМИ конкурсугар кыттан 1 мөл. солк. ылыахтаахпыт, ону эмиэ профлистка ыытарга былаанныыбыт».
Саҥа таас оскуолабыт күн аайы дьэндэйэн иһэрин көрөн олус үөрэбит. Тутуу хайдах баран иһэрин тутуу учаастагын начальнига А.К. Данилов маннык кэпсээтэ: «Аллараа Бэстээхтэн «Техностройинвест» тэрилтэтиттэн (дириэктэр Н.Н.Федотов) кэлэн, 22 буолан үлэлии сылдьабыт. 2017 сыл муус устар 17 күнүттэн сыбаайа түһэрэн саҕалаабыппыт. Сарсыарда 8 чаастан киэһэ хараҥарыар диэри үлэлиибит. Билигин оскуола каркаһын оҥоробут. Үлэһиттэр бетон кута сылдьаллар. Оскуола коробкатын материала барыта кэлбитэ. Ыам ыйа бүтүөр диэри былаан быһыытынан оскуола коробката бүтүөхтээх. Кырыыһата, түннүктэрэ ууруллуохтара. Үп көрүлүннэҕинэ 2018 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри бүтэрэр былааннаахпыт. Республикаттан хамнас көрүллэ илик, кыра аванс ылабыт. «Техностройинвест» тэрилтэбит иэс үбүлээн үлэни тохтоппокко үлэлиибит».
Тутуу начальнигын солбуйааччытынан С.Г. Яковлев, прорабтарынан эдэр эрчимнээх үлэһиттэр М.Г. Исаков, А.В. Данилов, крановщигынан Н.Н. Устинов, машинист-погрузчик Т.Р.Аяров үлэлииллэр. Бөтүҥ ыччата уонна олохтоохторо саҥа таас оскуолабыт тутуллан бүтэн, ахсынньы 1 күнүгэр оскуолабыт боруогун атыллаан киирэрбит буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Нестеров уулуссаҕа сырдатыы үлэтин туһунан Дьокуускайдааҕы «Энерготехнология» тэрилтэтин (дириэктэр П.В. Николаев) биригэдьиирэ А.И. Никифоровы көрсөн кэпсииригэр көрдөстүм. Онуоха маннык кылгас эппиэти биэрдэ: «Алта киһи буолан икки биригээдэнэн үлэлии сылдьабыт. Барыта 34 уот остуолбатын туруордубут. Икки буровой үлэлээтэ. 220 вольтаах сырдатыы үлэтин оҥордубут. Сарсын уота холбонор. Салгыы Уус Маайаҕа үлэлии бардыбыт».
Ааптар: Саргылаана Мартынова