Мин, Стручкова Александра Иннокетьевна 2011 сыллааха маастарынан Намнааҕы учебнай кииҥҥэ үлэлиибин. Урут үлэлээбит директортан уонна бухгалтертан улаханнык атаҕастанан турардаахпын. Бу ааспыт нэдиэлэҕэ улахан тойоммут Москвитин Степан Иванович: «Комитет занятости и труда» председателя мунньахха этэн турар маастардар ыйга 40 000 солкуобайы ылаллар, диэн. Тоҕо итинник кыһыылаах баҕайытык албыныырый? Мин 2011 сылтан үлэлиэхпиттэн итинник хамнаһы түүлбэр да көрбөтөҕүм. Онтон үлэни лоп бааччы төһөнү кыайарбынан, төһөнү биэрэллэринэн толорорум. Онно сэмэлэммитим да суох.
Урукку биһиги директорбыт Кириллина Надежда Егоровна миэхэ наар кыра хамнаһы биэрэрэ. 2013 сыллааха мин хамнаһым 6 000 солкуобай этэ. Ол үрдээн 14 000 солкуобай буолбута. Бухгалтердар сотору-сотору уларыйа тураллар. Ол аайы хамнаспыт уларыйа турар. Кэнники дьэ биир постояннай бухгалтер кэллэ Антонова Ольга Иннокентьевна, диэн. Кини кэлиэҕиттэн хамнаспыт олох да сордонно. Төһө хамнас ыларбын олох да билбэт буоллум. Хамнаһым сыыһа түһээхтиир, хойутуура да, онтон кэлэр ыйга хамнаспын олох кыраны ыытар. Тоҕо кыра хамнас кэлэрий? диэн ыйытабын. Тоҕо диэтэр миэхэ 14000 ыытар буоллахтарына ити аата наһаа элбэҕи ыыппыт аатырар. Уонна миигиттэн ыйыппакка бэйэтэ тутан ылар эбит. Эмиэ сокуону кэһии, диэн мин маны сыаналыыбын. Олох буор босхо босхо үлэлиир үлэһит курдук сананным.
Урукку директор туһунан өссө эттэхэ биһиги тэрилтэбитигэр гостиницалаах этибит. Атын улуустан кэлэр үөрэнээчилэр тохтуур сирдэрэ. Ол гостиницабыт бу күннэргэ биллибитинэн урукку директор бэйэтин аатыгар бэйэтигэр бэйэтэ буор босхо бэлэхтээн ылбыт эбит. Бу бүтсүөт тэрилтэтин дьиэтин босхо ылар сокуоҥҥа көҥүллэнэр дуо? Аны биһиги тэрилтэбит материал ткани үөрэнээччилэргэ атыылыыр этибит. Үөрэнээччилэр тутттуохтаах материаллара этэ. Ону урукку директор үөрэнээччилэргэ биэрбэккэ атыылыы олорбута. Саҥа директор ананан кэлэр сураҕын истэн. Сыалай үс массыына араас иистэнэр малы-салы барытын көһөрөн илдьэ барбыта. Уонна аттыбытыгар маҕаһыын арынан атыылыы олорор. Биһиги тэрилтэбит наблюдательнай советаах, тэрилтэни хонтуруолуур совет. Онтукайбыт тугу да хонтуруоллаабат. Тоҕо диэтэр. Наблюдательнай совет председателя урукку директор чугас подругата Рожина Марианна Дмитриевна, диэн Намнааҕы бастыкы оскуола начальнай кылааһын учуутала. Онтон чилиэннэрэ эмиэ чугас дьүөгэлэрэ уонна аймахтара.
Аны туран ааспыт нэдиэлэҕэ Намҥа улахан мунньах буолла — «С годом занятости труда» диэҥҥэ анаан. Программаҕа сарсыарда улуус администрациятыгар сылдьыахтаах этилэр. Эбиэт кэннэ нэһилиэнньэни кытта көрсүөхтээх этилэр. Ол оннугар биһиэхэ көтөн түстүлэр. Дьэ, уонна бухгалтериябытын хаһан хачыгыратан киирэн бардылар. Мин бэйэм санаабын барытын комитет үлэһиттэригэр эттим, комитекка бухгалтер Макаров…. Уонна отдел кадров Бурнашева Любовь ….. кэлэн докумуон бөҕөтүн хомуйтаатылар. Мин ону туһанаммын туох баар кыһыйбыт санаабын барытын эттим. Хайдахтаах миигин бу үлэлиир тэрилтэм урукку директора атаҕастаан олорбутун. Үөһэҥҥилэр тугу эмит быһаарыахтара, диэн. Ону миэхэ олох да наадыйбаттар эбит. Дьэ, мин син биир санаабын барытын эттим. Ол кэннэ эбиэт кэннэ Москвитин Степан Иванович солбуйааччыта Харлампьев кэллэ, мин улахан начальнигы көрөрбүттэн наһаа үөрдүм. Үлэлиэхпиттэн хаһан да биһиэхэ кэмитиэттэн ким да кэлбэт этэ. Харлампьевы көрөн наһаа дьоллоннум, дьэ мин кинини эккирэтэн тиийэн үҥсүүлээхпин, диэтим. Дьэ, барытын кэпсиэм, дии санаатым үөрбүтүм аҕай. Онтукайым олох да миэхэ кытаанахтык эттэ: — Мин атын дьыалаҕа кэллим эйиигин кэнники ыҥырыам сотору ыҥырыаҕым, диэтэ. Мин 2 чааһы быһа Харлампьевы ыҥырыа, диэн кэтэстим. Олох ыҥырбата, арай коридорга тахсыбыппар Харлампьевым бу хааматылыы сылдьар эбит, босхоломмут буолан баран миигин соруйан ыҥырбатах, диэн наһаа хомойдум, олох ытыы сыыстым, миигин кытта олох да кэпсэтэр санаата суох эбит. Дьэ, үөһэҥҥилэрбит да эмиэ улаатымсык дьон эбиттэр. Докладной суруйбут кумааҕыбын тутан бэйэм нэһиилэ туттунаммын кыһыыбыттан хараҕым уута тахса сыста, аны бэйэм кытаанахтык эттим хаһан саатар бу кумааҕы сыыһын ыл, диэтим, уонна миэрини ыл, диэбипин бэйэм да билбэккэ хааллым. Комитеттарбыт улахан тойотторбут бэйэлэрин наһаа да улаханнык сананаллар эбит, боростуой үлэһит дьону олох да киһи курдук аахпаттар эбит, диэн санааҕа кэллим.
Аны туран биһиэхэ саҥа директор анаммыта. Үлэлээбитэ аҕыйах ый булла. Благо хамнаспытын сөптөөхтүк тэҥнээн биэрдэ. Бэйэбин син кыратык да буоллар киһи курдук сананным. Ол да буоллар бухгалтербар Антонова Ольга Иннокентьевнаҕа, урукку директорбар Кириллина Надежда Егоровнаҕа хомойбутум олох ааспат.
Саҥа анаммыт директорбыт боростуой да киһи буолбатах. Ил Түмэн депутаата улууспутугар биир биллэр-көстөр, балачча киэҥ ыырдаах киһи Алина Романовна Винокурова, диэн. Нам улууһуттан талыллыбыта. Дьэ, ол саҥа анаммыт директор депутааппытыгар почти хас күн аайы киирэммин кыһыыбын кэпсиибин. Саҥа директор буолан тугу да санарбат истэн баран олорор. Онтон мин киниттэн көмө көрдүүр курдук бэйэм санаабын этэ сатыыбын, саатар тугу эмит сүбэлээрэй, диэммин. Дьэ бу түгэн буолбутунан Нам улууһуттан талыллыбыт депутат, боростуой норуотун көмүскүө, диэн эрэнэбин.
Онтон тоҕо бу суругу суруйбут, диир буоллаххытына. Биһиги Ил Дархаммытыгар Егор Афанасьевич Борисовка тиийдин, диэн. Кини хайдах үлэһиттэр үөһээҥҥи салалтаҕа үлэлии олороллорун, хайдахтаах боростуой үлэһиттэри сэнии, атаҕастыы олороллорун көрдүн, аахтын, диэн суруйдум.
Бу тэрилтэттэн атаҕастаммыт буоламмын, бүтэһигэр диэри кырдьыкпын көмүскүүр санаалаахпын. Айдаарсар дьону үлэлэриттэн уураталлар, диэн кэпсээн баара кистэлэҥ буолбатах. Бу кэннэ миигин ууратар буоллахтарына уураттыннар, но мин сокуоннай кырдьыкпын булан хамнаспын суутунан син биир ирдэһиэм.
Бэйэм туспунан этэр буоллахха. Мин соҕотох биир оҕону иитэр ийэбин өссө 90-ун ааспыт саастаах икки кырдьаҕас ийэлээх аҕабын көрөн олоробун. Онон иитимньим да наһаа аҕыйаҕа суох.
Бу суругу сэҥээрэн биһиги бу олоххо кырдьыгы көрдүүр суруналыыстарбыт мин дьыалабар болҕомтоҕутун ууруоххут этэ дуо?