«Ыалдьыт» диэн аан маҥнайгы рубрикабытыгар «Кини кыыһа» диэн драматическай киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут Света Портнягинаны ыҥырдыбыт. Светалыын биһиги ирэ-хоро сэһэргэстибит, ыҥырбыт сыалбытын ситистибит.
Бу кэми мүлчү туппакка биһиги айар үлэһиттэрбит көмөтүнэн, хартыынаҕа сүрүн оруолу толорбут Света Портнягинаны ыҥырарга соруннубут. Кыыспыт Уус-Алдан улууһун Мүрү иккис нүөмэрдээх орто оскуолатын 9-кылааһын үөрэнээччитэ, номнуо сааһын ситэн, дьоһуннаах киһи буола улааппыт. Биһиги экраҥҥа көрөр 7 саастаах кыыспыт отой буолбатах эбит. Светаны хайдах киинэҕэ уһулларга ылбыттарын, иллэҥ кэмигэр тугунан дьарыктанарын, ону таһынан кини дьиэ кэргэнин туһунан чопчуластыбыт, сөптөөх эппиэти иһиттибит. Кини киһи быһыытынан олус элэккэй, ис киирбэх, кэпсэтинньэҥ баҕайы кыыс оҕото. Уонна сэмээр билсиһэн баран ыйытыктарбытыгар киирдибит.
— Дьиэ кэргэниҥ туһунан сырдатыан дуо?
— Мин ийэм Портнягина Наталья Ивановна диэн, кини нэьилиэк библиотекаря, онтон аҕам Портнягин Гаврил Николаевич суоппарынан үлэлиир. Биһиги бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Мин саамай улаханнарабын, биир бырааттаахпын уонна икки балтылаахпын. Оҕолорбун наһаа күүскэ таптыыбын.
— Оскуолаҕын бүтэрдэххинэ туох идэтин баһылыаххын баҕараҕыный?
— Мин кыра сааспыттан үксүн наар уолаттары кытта ытыалаһыылаах, сэриилээх оонньуурбун олус сөбүлүүр этим. Ол иһин оскуолабын бүтэрэн баран полиция үөрэҕэр туттарсан киирэр санаалаахпын.
— Онтон артыыс идэтинэн салгыы дьарыктаммаккын дуо?
— Татьяна Егоровналаах олус элбэххэ үөрэттилэр-такайдылар, бастаан утаа оруолга оонньуу иликпинэ артыыс буолуохпун баҕарар этим. Онтон оонньоон холонон көрөн баран хайдах эрэ ыарарҕаппытым. Ол иһин миэнэ буолумуон сөп эбит дии санаабытым. Ол да буоллар элбэх үөрэххэ туттарсан көрүөм, биир эрэ идэҕэ уһуйулларым олуона буолуо.
— Саамай баҕарар баҕа санааҥ туохханый?
— Мин тапталлаах оскуолабын кыһыл көмүс мэдээлинэн, кыһыл аттестатынан бүтэриэхпин баҕарабын. Уонна салгыы үрдүк үөрэх кыһатыгар киин куораттарга туттарсан киирэн, үчүгэй үлэлээх, ситиһиилээх киһи буолуом диэн бэйэбэр эрэлим улахан.
— Үөрэҕин кэннэ тугунан үлүһүйэн туран дьарыктанаҕыный?
Салҕыытын манна киирэн көрүн, ааҕын.