Эhиги бол5омто5утугар искусствоведение кандидаата, доцент, СӨ хампаһыытардарын Сойууһун эппиэттээх секрэтээрэ Чаянда Кимовна Скрыбыкина испиктээкил туhунан бэйэтин ис санаатын суруйбутун таhаарабыт.
Музыка уонна либретто ааптара – РФ, СӨ хампаһыытардарын чилиэнэ, алта опера, алта балет ааптара, СӨ култууратын үтүөлээх дэятэлэ Владимир Ксенофонтов. Соторутааҕыта Владимир Васильевич 70 сааһын томточчу туолбута. Комедияны Саха опернай театрыгар туруорда СӨ үтүөлээх артыыһа Прокопий Неустроев.
Ньукулай Денисович «Тиэтэйбити» 1925 сылга суруйан бүтэрбитэ. Бу кини иккис комедията буолар уонна кэлэр 1926 сылга «Саха комедиялара» диэн хомуурунньуругар бэчээттэнэн тахсан норуокка киэҥник биллибитэ.
Ньукулай Неустроев айымньыыларын үөрэтээччи, ХИФУ доцена, СӨ үөрэҕэриитин үтүөлээх үлэһитэ Василий Никитич Протодьяконов маннык диэн суруйар: «Неустроев күлүү (комедия) жанрын түрүттээбит киһи. Күлүллэр образ кини комедиятыгар улам «эстэн», кэлин букатын «сотуллан» тахсар. Холобур, «Тиэтэйбит» диэн комедияҕа Омуннаах Уйбаан Аллаах Алааппыйаны аараттан «булан», сүгүннэрэн тиийбитэ, дьиэтигэр «өлбүт» ойоҕо, тыыннааҕын ааһан, кинини мөҕө-этэ тоһуйбута тустаах киһиэхэ – дьулаан кырдьык, соһуччу иэдээн. Иэдээннээх күлүү (трагикомедия) диэн Неустроевка баар».
Норуокка биллэр трагикомедияны муузыкаҕа түһэрэр – хампаһыытар Владимир Ксенофонтовка биир улахан сыалынан-соругунан буолбута. Владимир Васильевич музыкальнай комедия тылларын Неустроев комедияттан уларытыыта суох быһа тардан муузыкаҕа уурбута. Прозаҕа музыканы суруйар – эмиэ биир туспа ыарахан быһыынан буолар.
Аны бу айымньыы – а5атын, Василий Саввич Ксенофонтов кэс тылын толоруутунан буолар эбит. Ол сылтаҕынан маннык түгэн буолбут. Саха биллиилээх суруйааччылары Өксөкүлээх Өлөксөйү, Алампаны уонна Ньукулай Неустроевы норуот өстөөхтөрүнэн аахпыттар. Онтон Василий Саввич, ол бириэмэҕэ Далыырдааҕы орто оскуолатын дириэктэрэ, кинилэр ааттарын Саха тылын учебнигыттан сотторботох. Ол иһин кини дьиэтигэр (1950 сыллаахха) биир сыл хаайылла сылдьыбыт уонна кэс тылыгар маннык диэбит үһү: «Болуодьа, Өлөксөй Кулаковскай, Анемподист Софронов уонна Ньукулай Неустроев айымньыыларыгар музыка суруйдаххына дьиҥнээх норут хампааһыытара буолуоҥ», – диэбит үһү.
Бу тыллары толорон Владимир Васильевич Кулаковскай айымньыытыгар олохтоммут «Өй, Сүрэх икки мөккүөрэ» операны, Алампа кэриэһигэр «Кини» диэн ырыа поэматын уонна «Миигин тоҕо ыллаппаккыный» ааттаах баллааданы айбыта. Уонна бары билэргит курдук 2015 сылга Ньукулай Денисович Неустроев 120 сааһын туолбута. Онно анаан уонна аҕатын кэриэһигэр сүгурүйэнтуран Владимир Васильевич үс сыл устата суруйбут саха бастакы музыкальнай комедията дьэ сценаҕа турда.
Музыкальнай комедия икки көстүүлээх, бэйэ бэйэтиттэн сиэттиһэн иһэр сценалардаах. Оонньууну увертюра аспыта.Симфоническай оркестры талааннаахтык, эрэллээхтик салайда опернай театр дирижера, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Алексей Платонович Унаров. Киирии музыкаҕа туөрт сүрүн лейттема тыаһаабыта, – дэгэрэннээх Омуннаах Уйбаан матыыба, лирическэй Аллаах Алааппыйа мелодията, Күөс Бүөтүр дьиэрэтии ырыата уонна хорсун санаалаах аргыс киһи Сүөдэр темата.
Бастакы көстүү Күөс Бүөтүр дьиэтигэр буолла. Толору зал дьоһуннаахтык оҥоһуллубут декорациялары сэҥээрбитэ, дохсун ытыс таһыныытынан көрсүбүтэ. Музыкальнай комедияны киэргэппитэ СӨ култууратын туйгуна Марьяна Оконешникова. Кыһыҥҥы саха дьиэтин тэрэбилэ, иһитэ-хомуоһа, – барыта дьиҥ курдук көстүүлээх, киһи итэҕэйэр суола.
Оонньууга уон артыыс кыттыыны ылла.Сүрүн оруолу уоттаахтык-төлөннөөхтүк толордо СӨ култууратын туйгуна Александр Донской. Көрөөччүлэр Омуннаах Уйбаан оруолун сэргээтилэр, ылыннылар. Бу оруол артыыска олус барсар, – киһиргэһэ, омуннааҕа, бастаан оҥорон баран төбөтүн тарбыыра, – барыта артыыс Донскойга биһиги санаабытыгар табылынна. Уонна куолаһын тембра эмиэ сахалыы тыыннаах музыкальнай комедияҕа олох сөптүк барсар. Бары даҕаны сүрдээх сахалыы, дьиҥнээхтик кыһанан туран партияларын толордулар.
Күөс Бүөтүр оруола, СӨ үтүөлээх артыыс Владимир Павлов толоруутугар, дьиҥ былыргы баай, дьоһуннаах, өйдөөх-санаалаах оҕонньор көстүүтүн көрдөрдө. Ону таһынан, тоһоҕолоон эттэххэ, Павлов тыллара барыта чуолкайдык заалга иһиллэллэр этэ. Саастаах көрөөччүлэр «улахан аҥаарын истибэтибит» диэн сонньуйаллар этэ. Уонна программаҕа комедия сюжетын нууччалыы перевода суох этэ, ол иһин сахалыы билбэт дьон мунаахсыйбыттара. Баҕар манна көмөлөһүө этэ электроннай таблоҕа нууччалыы тылбааһы көрдөрөөһүн (соторутааҕыта буолбут «Аида» диэн операҕа оннук суол дьоҥҥо элбэҕи быһаарбыта).
Операҕа персонажтар бары ыллыыр буоллахтарына, музыкальнай комедияҕа оонньуу геройдара ыллыылар уонна кэпсэтэллэр-сэһэргэһэллэр. Премьераҕа биллэр опернай ырыаһыттар атын өттүттэн, драма артыыстара курдук көстүбүттэрэ. Кинилэр көр-күлүү талааннарын көрдөрбүттэрэ, норуоту үөрдүбүттэрэ.
РФ үтүөлээх артыыската, СӨ народнай артыыската Айталина Афанасьева-Адамова Марыына эмээхсин оруолун сөпкө, лоп курдук толордо. Мөҥүттэ-мөҥүттэ,иҥнэлдьийэн хааман иһэрэ бу баар. Кырдьаҕас хотун саҥата суох Кэргэн дьахтары (СӨ үтүөлээх артыыската Анна Дьячковская) дэлби дьаһайан, биир муостанан хаамтаран, Кыра уолу (артыыс Николай Ефимов) мөҥөн-этэн, дьиэтин көрөн-салайан олоророрун Айталина Саввична бэрт үчүгэйдик көрдөрдө.
Дьиҥ комедия Аллаах Алааппыйа түөһүн көннөрө-көннөрө устан киирбитигэр саҕаламмыта. Оруолу сөптөөхтүк толордо СӨ үтүөлээх артыыската Анегина Дьяконова. Мүөттээх куолаһа, саһыллыы хаамараа Омуннаах Уйбаан бүтэһик өйүн эргитэн кэбиспитэ. Тугун барытын быраҕан туран саҥа кэргэн кэпсэтэн Уйбаан өрөгөй ырыатын ыллыыр. Онон бастакы көстүү бүтэр.
Иккис көстүү Омуннаах Уйбаан дьиэтигэр буолла. Уйбаан «өлбүт» ойоҕунОгдооччуйа оруолун күүскэ, талааннаахтык көрдөрдө аан дойдутааҕы конкурстарын дипломана Зинаида Колодезникова. Уһун хамсалаах, толору сөтөл буолбут ыарыһах дьахтар куоракка баран сүппүт оҕонньорун дэлби мөҕө олорор эбит. Хаҕынай Сэмэн ньоҕой, хоҥсуо тыла көрөөччүлэри быара суох күллэртээтэ. Бу оруолу сүрдээх көрдөөхтүк толордо СӨ народнай артыыһа Григорий Петров. Маарыйа кыысчааны күлүүлээхтик оонньоото театр эдэр артыыската Мотрена Семенова. Улахан быһаарсыы кэнниттэн Омуннаах Уйбаан тиэтэйбитэ, албына таһыгар тахсар: «Тиэтэйиэҥ – дьону күллэриэҥ!»
Саха бастакы музыкальнай комедияны кэлбит көрөөччулэр сэҥээрдилэр, чугастык ылыннылар. Ньукулай Неустроев аймахтара хампаһыытар Владимир Ксенофонтовка, режиссер Прокопий Неустроевка, дирижер Алексей Платоновка, оруоллары толорбут артыыстарга сибэкки чөлбөтүн ууннулар, махтал тыллары эттилэр.Биллэр саха комедията музыкаҕа түһэриллибитэ – үтүө суол буолар. Онон салгыы атын да саха музыкальнай комедиялара баар буолуохтара диэн эрэллээх санаабытын этэбит уонна саҥа айымньыылары кэтэһэбит.