Наука айылҕаҕа оҥоһуллубуту, олоххо бары дакаастаан наукаҕа регистрациялыыр. Ол эрээри билиҥҥи наука норуодунай эмтэнии кистэлэҥнэрин уонна ньымаларын билбэт ситэн дакаастыы туһана илик өттө элбэх. Аатырбыт ойууттарынан, удаҕаттарынан ааттаммыт былыргы дьон норуодунай ньыманан эмтэнии кистэлэҥнэрин билэллэрэ. Норуокка кинилэр суон сурахтара, албан ааттара ааттанара, суоллара киэҥник номох буолан тарҕанара.
Биһиги эргин биир оннук киһинэн Уус Алдан Бээрийэтигэр уҥуох тутааччынан Гурий Иванович Турантаев дьон сэргэ киэҥ биһирэбилин ылбыта. Биир дойдулааҕым чугас аймаҕым да быһыытынан киниэхэ сылдьан доҕотторбор кыһалҕаҕа киирдэхтэринэ көмөлөһөрүм.
Арай биирдэ тоҕус саастаах сиэним Ренат күлүүчүссэтин уҥуоҕун тосту түһэн кэбистэ. Билигин биһиги ытык кырдьаҕаспыт аны суох. Муннукка хаайтарыы буолла. Мин уонтан тахса бииргэ төрөөбүт бырааттарбын, балыстарбын суотабай сибээһинэн түмэн сүбэлэстим хайдах буолабыт, ханна, кимиэхэ эмтэнэбит? Арай кыра быраатым Валера маннык кэпсээннээх буолла.
— Мин аҕыйах сыллааҕыта массыына абаарыйатыгар түбэһэн сиһим уонна сүнньүм тоноҕоһун уҥуохтарын үлтүрүтэн балтараа сыл баттыктаах сылдьан эрэйдэммитим. Биһиги Гурий Ивановичпыт эмчит буоларга алҕаабыт Кэптэни олохтооҕо Олесов Николай Николаевичка кини аймаҕа, табаарыһым ГИБДД үлэһитэ Д.М.Олесовы сирдьиттэнэн баран биэс мүнүүтэ илбиттэрэн туох баар сүнньүбэр бааллыбыт гипсэ моойторукпун, сиспин туттарар гипсэ быратыаспын кытары торуоскабын, баттыктарбын онно хаалларан кэлбитим.
Ити иннинэ сүрэхпэр эппэрээссийэ оҥоттороору Новосибирскайга баран травмам улахана бэрт буолан өлөр өлүүгэ быһаччы хандьытаат аатыран үүрүллэн кэлбитим. Челябинскайтан, Москваттан эмиэ ити биричиинэнэн үүрүллүбүтүм. Николай Николаевич Олесовка сырыым кэнниттэн сүрэхпин оҥотторо хаттаан Новосибирскайдаатым. Онно араас наука доктордара, доценнар снимокка, рентгеҥҥэ түһэрэн баран, урукку травмаларбын снимокка устубуттарын кытта тэҥнии тута-туталар сөҕүү бөҕөтүн сөхтүлэр.
Биһиги наукабыт маннык үчүгэйдик хас биирдии уҥуоҕу, оннооҕор бу бары суставтарын, иҥиирдэр утаһыннарын олох ханан да биллибэт, ханнык да травма буолбатаҕын курдук көннөрөр кыаҕа суох дии-диилэр чинчийии бөҕөтүн чинчийдилэр. Сөҕүү бөҕөтүн сөхтүлэр уонна ханна, хайдах оҥотторбуппун сиһилии хос-хос ыйыталастылар. Онно мин: “Саха ойуунугар оҥотторбутум” — диэн соҕотох эппиэттээхпин. Быраастар Саха ойуунун күүһүн, кыаҕын сөҕүү бөҕөтүн сөҕөн сүрэхпэр биэс эппэрээссийэни сүрдээх үчүгэйдик оҥороннор билигин дойдубар кэлэн дьиэ тутта сылдьабын. Онон: “Кэптэнигэ Николай Николаевичка барыҥ”, — диэн дьиэтин аадырыһыгар тиийэ суол ыйааччы буолла.
Мин дойдулаах киһи быһыытынан оҕолорбун сирдээн сиэним түөһүн оҥотторо Уус Алдан Кэптэнитигэр Олесовка айанныыбыт. Николай Николаевич кэргэнинээн Татьяна Николаевналыын саха ыалын сиэринэн-туомунан остуолларын тардан чугас аймахтара кэлбитинии үөрэ-көтө көрүстүлэр. Аһыы олорон бу киһи ыалдьыттарын: ”Гурий Иванович курдук көрсөр эбит дуу?” диэн саныы-саныы, сэлэһэн, кэпсэтэн эмтэнэр хоско ыҥырыллабыт.
Сиэним Ренат долгуйар. Николай Николаевиһы тоноппукка утары одуулаан олордо. Отоһут оҕону эргим-ургум тутан эргичиҥнэтэн устунан ыалдьар сирин булан: “Бу сылдьар” диэн бөлтөйө сылдьар уҥуоҕу көрдөрөн баран арыынан сотон аптаах тарбахтарынан имэрийэн барда. Оҕо саҥата суох олордо.
Биһиги көрөн олордубут. Сотору отоһуппут бүтэрбитин биллэрдэ. Били бөлтөйбүт уҥуох миэстэтигэр киирэн миэстэтин булбут. Мин сиэммэр саба түһэн: “Ыарыйда дуо?” — диибин. Ону сиэним: “Суох, биирдэ кыратык кычыгыланан ылла уонна ыалдьыбата”, — диир. Биһиги сирэй сирэйбитин көрсөн эрэ кэбистибит. Бүттүбүт.
Ити кэмтэн хайы үйэ сыл аҥаарын ааста. Ренаты эбээтэ балыыһаҕа сөп-сөп бэрэбиэркэлэтэр. Күн бүгүнүгэр диэри оҕо тугу билбэккэ уҥуоҕа тостубутун Николай Николаевичка сылдьыаҕыттан умнан да баран сылдьар.
Онтон бу олохтон сааһыран барбыт Гурий Иванович туһунан ахтан кэпсэттибит. Николай Николаевич Г.И.Турантаевтан эмчит буоларга алгыс ылан эмчит курдук санаммытын туһунан бэрт холку, наҕыл куолаһынан астына дуоһуйа кэпсээтэ: “Дьоҥҥо үтүөнү оҥорууга элбэх эрэйи көрсөр киһи буоллуҥ» диэбит. Ону: “Тоҕо итинник эттэҕэй?” диэн бастаан утаа дьиктиргээбит. Арай өйдөөн көрбүтэ сайын, кыһын киэһэ үлэтиттэн хойутаан сылайан-элэйэн дьиэтигэр сынньана кэлбитэ уончалыы киһи кэлэн көмө көрдөһө кэтэһэн олорор буолар эбит. Аны түүннэри сынньаммакка кинилэри илбийэр, эмтиир аатыгар түһэр. Онно үлэлии олорон: “Гурий Иванович маны эппит эбит буоллаҕа” дии санаталыыр.
Улуу убайбыт Гурий Иванович идэтин утумнаабыт Н.Н.Олесов икки кыыс, биир уол оҕолоох. Улахан кыыһыгар икки уол оҕо, уолугар үс уол сиэннэрдээх алта уоннарын ааһан сааһыран эрэр тир курдук чэгиэн ыаллар. Оҕо уруу тэнитэн ыал буолан, дойду оҥостубут Наммар төннөн иһэн массыына сымнаҕас олбоҕор олорон иһэн арааһы саныыбын.
Урут биһиги улууспутугар оччотооҕу баһылыктарбыт көҕүлээн Гурий Иванович олбуоругар икки этээстээх дьиэ туттарыгар көмөлөһөн, дьоннорун-сэргэлэрин абыраабыттара, дьон махталын ылан кинилэр үтүө ааттара сири Сибиири тилийэ көппүтэ өйбөр көтөн түстэ. Бээ эрэ, билигин дьонун-сэргэтин кыһалҕатыгар ыалдьар үтүөкэн өйдөөх-санаалаах салайааччылар улууспутуттан дуу, республикабыт салайааччыларыттан дуу көстөн Н.Н.Олесовы куоратынан, тыанан дьиэлээн эмтиир идэтинэн бар дьонугар туһалыырыгар күүс көмө буолаллара буоллар бэрт да буолуо эбит дии санаатым. Оччотугар кыһалҕалаахтар кини ханна баарыттан иҥнибэккэ, муммакка-тэммэккэ эмтэнэ туруо эбит.