Кэбээйи улууһун Н.П. Егоров аатынан Мастаах орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата Олоҥхо программатыгар тирэҕирэн, олоҥхо өлбөт-сүппэт сырдык идеятыгар, муудараһыгар, философиятыгар олоҕуран иитэр-үөрэтэр үлэни ыытыыга баай уопуту мунньунна. Оскуола коллективын сүрүн соруга: олоҥхоҕо иитии сүрүн оруолу ыларынан, өбүгэбит төрүттээбит үйэлээх үгэстэрин, төрүт култууратын, итэҕэллэрин, сиэрин-туомун, быһыытын-майгытын, аан дойдуну анааран көрүүтүн, айылҕаны кытта чугастык алтыһыытын үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдии, иҥэрии.
Бу туруоруллубут соругу олоххо киллэриигэ үгүс үлэ ыытыллан кэллэ. 2007 сыллаахха «Олоҥхо — сайдыы тирэҕэ» бырайыагынан улуус баһылыгын гранын ылары ситиспиттэрэ, семинар ыытыллыбыта. 2008 сылга «Олоҥхо эйгэтин кэҥэтии, муудараһын, философиятын олохсутуу» научнай-практическай конференцияҕа улуус оскуолаларын бииргэ үлэлэһэргэ көҕүлээһин ыытыллыбыта. Сүрүн болҕомто ыалга, түөлбэҕэ олоҥхо эйгэтин тэрийиигэ ууруллар. 2008-2009 үөрэх дьылыгар «Олоҥхо — түөлбэ иитиллэр эйгэтэ» улуустааҕы форум тэриллибитэ. Форум улуус олохтоохторугар, үөрэх тэрилтэлэригэр киэҥ сэҥээриини ылбыта. 2009-2010 үөрэх сылыгар «Нэһилиэккэ олоҥхонон иитиигэ общественность оруолун кэҥэтии» улуустааҕы научнай-практическай конференция тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта. Конференция үлэтин түмүгүнэн, түөлбэҕэ оҕону иитэр-үөрэтэр, сайыннарар үлэҕэ төрөппүт көмөтө күүһүрбүтүн, педагогическай култуурата үрдүүрүн, түөлбэ бары эйгэтэ оҕону иитэр үлэҕэ кыттыһан бииргэ үлэлииргэ бырайыак көмүскээн дуогабар түһэрсэрэ кэм ирдэбилэ буолара бэлиэтэммитэ. Бу ыытыллар кэскиллээх үлэҕэ научнай салайааччынан Бүлүү колледжын преподавателэ, п.н.к. Гоголева Марина Трофимовна үлэлиир.
2017 с. кулун тутар 6 күнүгэр Кэбээйи улууһун Н.П. Егоров аатынан Мастаах орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар 2 Лүүчүн нэһилиэгин түөлбэ олоҥхоһута Ф.С. Семенов-Кысса Сөдүөт 135 сааһыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо тыла — саха саргыта» научнай практическай кэмпириэнсийэ бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Кэмпириэнсийэҕэ Кэбээйи улууһун 9 нэһилиэгин, Бүлүү улууһуттан Бороҕон оскуолалара, кэтэхтэн стендэнэн көмүскээһиҥҥэ Сунтаар уонна Ньурба улууһуттан кыттыыны ыллылар. Бырагырааманан саҕаланыытыгар төрүт үгэс оҥоһуктарын быыстапката, оскуола устун экскурсия буолла.
Кэмпириэнсийэ «Олоҥхо тыла — ийэ тыл» тиэмэнэн 1-4, 5-7, 8-11 кылаастарга уонна учууталга, иитээччигэ, төрөппүккэ диэн барыта биэс олугунан барда. Ону тэҥэ «Өбүгэ төрүт дьарыгын утума» маастар-кылаас буолла.
5-7 кылаастар олуктарыгар барыта 17 оҕо Кэбээйи алта оскуолатыттан уонна Бүлүү улууһун Бороҕонуттан кытынна. Эдэр чинчийээччилэр олоҥхо тылын араас өттүттэн ырыталлара, социальнай ыйытыылары ыыталлара, олоҥхо тылын баайын математика, биология, физика, о.д.а. атын биридимиэттэргэ туһаналлара, ону таһынан тылдьыт, задача хомуурунньуга оҥорон холоноллоро биһирэннэ. Ґлэ түмүгүнэн Кэбээйи улууһун Мукучу орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Софронеев Айсен «Ґрүҥ Аар тойон эпитетэ» чинчийиитэ I миэстэни ылла. Михайлов Костя «Олоҥхоҕо сахалыы кээмэйдэр» (Танара ОО, 6 кыл.), Захарова Сахаайа «Камни и минералы в олонхо» (Мастаах ОО, 6 кыл.) үлэлэрэ II миэстэни ыллылар. Бириистээх III миэстэҕэ Афанасьева Сардаана (Мастаах ОО, 7 кыл.) «Применение статистики в изучении сложения олонхо» үлэтэ таҕыста. Маны таһынан Ксенофонтова Ангелина (Мукучу гимназията, 5 кыл.) «Мындыр чинчийээччи», Семенова Аня (Мастаах ОО, 5 кыл.) «Айылҕа араҥаччыһыта», Анисимова Дайаана (Мастаах ОО, 5 кыл.) «Кэскиллээх чинчийээччи», Лепчиков Алик (Мастаах ОО, 6 кыл.) «Сылык өй» Анал ааттары ыллылар. Бу барыта үөрэнээччи, учуутал, иитээччи бииргэ ситимнээх үлэлэрэ буолара бэлиэтэнэр.
8-11 кылаастар олуктарыгар араас хайысханан барыта 15 оҕо дакылаатынан кытынна. Оскуола оҕото олоҥхону үөрэтэн, чинчийэн тыла-өһө сайдара-байара, билиитэ-көрүүтэ кэҥиирэ саарбаҕа суох. Бу үлэлэргэ ырытыы өттүнэн интириэһинэй үлэ элбэх. Сорох оҕо олус умсугуйан, тартаран туран үлэлээбит, сорох тиэмэтин кэҥэтэн салгыы үлэлиир былааннаахтарын эттилэр. Оҕолор научнай литератураны уонна архыып матырыйаалларын туһаныылара ситэтэ суоҕа уонна литератураны сыылката суох туһаныылара бэлиэтэннэ. Кэлэр өттүгэр бу итэҕэстэргэ салайааччылар болҕомтону уураллара эрэйиллэр. Ґлэ түмүгүнэн Мукучу орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Васильев Спира «Николаев И.А.-Куоҕас Уйбаан «Бүдүрүйбэт сүһүөхтээх Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотугар түөлбэ тылын көстүүтэ» тиэмэнэн кыттан I миэстэни ылла. II миэстэни Б.Оҕотоойоп «Элэс Боотур» олоҥхотугар сахалыы даҕааһын аат английскай тылынан бэриллиитэ» теманан Кэбээйи орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Протопопов Игнат, III миэстэни «Культ кузнеца у разных народов» тиэмэнэн Мастаах орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Яковлев Саша ылла. 5 оҕо Анал ааттары ыллылар: Гуляева Сахая «Кэрэхсэнэр чинчийии» (Мукучу, 9 кыл), Саввинова Тома «Айымньылаах чинчийээччи» (Мастаах, 8 кыл.), Аммосова Сардана «Дириҥ хорутуулаах чинчийээччи» (Мукучу, 9 кыл.), Борисова Диана «Мындыр чинчийээччи» (Мукучу, 10 кыл.), Васильев Евгений «Кэскиллээх чинчийээччи» (Сангаар, 9 кыл.). Оҕолор тиэмэлэрин дириҥэтэн, кэҥэтэн салгыы үлэлииллэригэр баҕа санаа этилиннэ.
Эбиэттэн киэһэ 14.00 ч. Кэбээйи улууһун олоҕор биир бэлиэ түгэн – «Улуус олоҥхоһуттарын үйэтитии» — истиэндэни билиһиннэрии ыытылынна. Нэһилиэктэртэн Кэбээйи олоҥхоһуттарын аймах-билэ дьоно кыттыыны ыллылар. Ф.С. Семенов-Кысса Сөдүөт «Биэ көлөлөөх Бэйбэлдьин Биэ» олоҥхотун бэчээккэ таһаарыы туһунан кэскиллээх санаа этилиннэ. Кэлэр өттүгэр бу истиэндэ улууска бастакы олоҥхоһукка аналлаах музей буолара былааннанара кэрэхсэнэр.
Салгыы «Олоҥхо тыла – саха омук саргыта» кэмпириэнсийэ пленарнай чааһыгар Дьокуускай куораттан кэлбит ыалдьыттар: Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин Саха өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култууруунай нэһилиэстибэлэрин Киинин сүрүннүүр үлэһиттэрэ Е.Н. Протодьяконова «Олоҥхо Иккис уон сылыгар олоҥхону үйэтитиигэ, чинчийиигэ, тарҕатыыга, эдэр ыччакка тиэрдиигэ ыытыллар үлэлэр сүрүн хайысхалара», У.М. Флегонтова «Олоҥхоҕо уһуйуу: учуутал уонна педагог-маастар», М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо институтун дириэктэрин солбуйааччы Р.Н. Анисимов «Олоҥхону чинчийии билиҥҥи туруга», М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ХИНТК институтун профессора Г.С. Попова-Санаайа «Олоҥхону истии эйгэтин тэрийии», «Олоҥхо Ассоциацията» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ вице-президенэ Ф.В. Шишигина «Республикаҕа олоҥхону үйэтитиигэ, чинчийиигэ, тарҕатыыга общественнай түмсүүлэр үлэлэрин опытыттан», «Норуот педагогиката» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта И.И. Кондаков «Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ норуот пелагогикатын туһаныы» диэн тиэмэлэргэ санаа атастастылар.
Бу тэрээһин эмиэ биир бэлиэ түгэнинэн Кэбээйи улууһугар «Олоҥхо Ассоциацията» общественнай тэрилтэ филиалын тэриллиитэ буолла. Салайааччынан Кэбээйи улууһугар олоҥхоҕо общественнай методист Кычкина Антонина Яковлевна биир санаанан талылынна. Онон норуоппут духуобунай баайа кэнчээри ыччаппытыгар тэнийэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үтүө өй-санаа буолан иҥэригэр эрэлбит улаатар. Тэрээһин улуус нэһилиэктэрин талааннаах дьонун фольклорнай кэнсиэрдэринэн түмүктэннэ.
Кыттааччылар ааттарыттан Кэбээйи улууһун үөрэҕин управлениетын солбуйар начальнигар А.И. Васильеваҕа, Мастаах орто оскуолатын дириэктэрэ М.П. Баишеваҕа, нэһилиэк бары дьонугар улахан суолталаах дьоһуннаах тэрээһиннэрин иһин махталбытын тиэрдэбит.