Былырыын Бүтүн Арассыйааҕа сураҕырбыт «Күн табата» этническэй бэстибээл буолбута. Cүрдээх үрдүк таһымҥа, киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыбыта. Дойду күүстээх модельердара, саха сирин олохтоохторугар көрдөрбүттэрин бары өйдүүбүт.
Быйыл кулун тутар 5 күнүгэр, күнүс 12 чаастан Дьокуускай куорат Орджоникидзе аатынан болуоссаттан саҕалаан Ленин болуоссатыгар тиийэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот маастарын күнүгэр анаммыт бырааһынньыктааҕы норуот айар талааннаахтарын уустаан–ураннаан, оһуордаан–мандардаан тикпит дьикти кэрэ таҥастарын кэтэн сэлэлии хаамыы тэриллиэҕэ.
Тэрийээччилэринэн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, Дьокуускай куорат салалтата, «Симэх» норуот ускуустубатын Киинэ, «Уус» Саха Өрөспүүбүлүкэтин маастардарын айар Сойууһа буолар.
Саха сирин маастардарын маҥнайгы улахан хамсааһыннарыгар Өрөспүүбүлүкэ норуотун маастардарын, норуот айар талааннаахтарын, уус–уран оҥоһугунан дьарыктанар холбоһуктары, уопсастыбаннай түмсүүлэри, тэрилтэлэри, анал үөрэх кыһаларын, устудьуоннары биһирэмнээн ыҥырабыт.
Кыттыыга ирдэбил:
- Маастардар колонналара улуустарынан, үөрэх кыһаларынан, уопсастыбаннай түмсүүлэринэн, тэрилтэлэринэн бөлөхтөнөн тэриллэр;
- Хас биирдии улуус, үөрэх кыһата, уопсастыбаннай түмсүү, тэрилтэ бэйэлэрин колонналарын иилиир-саҕалыыр бас киһилээх буолуохтаахтар;
- Эмблема ойуутун кээмэйэ 120 см куоһарыа суохтаах.
- Колонналары туруоруу, бэрээдэктээһин Орджоникидзе болуоссатыгар сарсыарда 10.30 ч. саҕаланыа.
Тэрийэр бөлөх:
Дьокуускай к., Поярков аатынан уулусса 4 № — рэ.
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, «Симэх» норуот ускуустубатын Киинэ, 302 каб.
Тел /факс (4112) 32-82-79, 32-80-77.
e-mail: simex20@mail.ru