Конституцияны тутуспата5ын туоьутунан «Дальневосточнай гектар» сокуонтан Саха Сирин таьаарар туьугар норуот санаатын билэр инниттэн Референтуму (свободное волеизъявление народа) ыытары боптун, ыыттарбатын. Онон норуотун быраабын, конул санаатын кэстин, сиргэ-буорга тэбистин, а.э. норуоккун утары бардын. Тус бэйэн олоххор, улэ5эр улууканнаах сыыьаны оноьуннун.
Россия Киин салалтата Сахабыт Сиригэр ор сылларга уонунан моллойуон кэлии дьону хаьан ба5арар киллэрэр быраабы ылла. Сирбитин, сирбит баайын ханна да суох харыстаныахтаах айыл5абыт олуутэ, торут омуктар суураллан симэлийиибит суола арылынна.
Бары суруйуулартан сылыктаатахха сирбит баайа уонна туох атыыланыах курдук барыта атыыламмыт. Бугунну олохпутугар сыьыаннаан этэр буоллахха, ханна да суох элбэх сир баайдаах норуот то5о наьаа дьаданытык олоробутуй? Сыана барытыгар урдуу турда5ына тыа сирин олохтоохторо 8-12 тыьыынча хамнаска, пиэнсийэ5э олороллор. Онтон ким эрэ ыйдаа5ы хамнаьа 2-3 моллойуонунэн кэмнэнэр. Норуот баай уонна дьаданы араналарга хайынна, кинилэр икки ардыларынаа5ы дьаама улам диринээн, кэнээн иьэр. Норуоту маннык быста дьадайыы балаьыанньатыгар салалта киллэрэн баран, ханнык эрэ ыраах суурбэ, отут сыллардаа5ы улуу былааннар тустарынан куолулуур. Правовой, гражданскай обществоны тутабыт диэн кулуу-элэк оностоллор. Дьиннээх демократия дойдуларыгар правовой, гражданскай обществоны тутуу, норуоту тумэр, сомо5олуур куус буолар. Ол биьиэхэ суох.
Коррупция Саха Сиригэр баар. Ол тэрээьиннээх буолара саарба5а суох. Коррупцияны утары охсуьуу барбат.
Саха Сирин норуоттарын маннык ыарахан иэдээннээх балаьыанньа5а тутан олоруу олус кутталлаах. Ааспыт уйэ 90-с сылларын курдук норуот гражданскай бас бэриммэт буолуута эргиллиэн соп. Олохпутугар итинник аймал5аны таьаарбат инниттэн Сахабыт Сирин ороьуйэр, саналыы салаллар хайысханы тутуьуохха. Ол хайысха аата «ороьуллуу национальнай Комитета» (Комитет национального спасения).
Комитет сурун сыаллара:
Бастакытынан – республика салалтатын тордуттэн уларытыы;
Иккиьинэн – референдуму ыытан Саха Сирин «Гектар» сокуонуттан таьаарартан иьин охсуьуохха;
Усуьунэн – бу быыбар тумуктэриттэн тутулуга суох Федот Семенович Тумусовы Саха Сирин национальнай Лидерынан билинэн туран, Ил Дархан дуоьунаьыгар аныырыгар Президент В.В. Путинтан кордоьорго.
Ороьуллуу национальнай Комитетын программатын киллэрэргэ бэлэм баар.
П.И. Гуляев.
Нам улууьа, Тубэ.
11.09.2016 с.