Нэһилиэккэ 2 сиринэн 950 киһи олорор, 1250 ынах, 830 сылгы сүөһүлэрдээх, орто оскуолалаах, 7 куойкалаах сытар балыыһалаах. Бу балыыһаҕа 4 нэһилиэк дьонноро ыарыйдахтарына, сытан эмтэнэллэрэ. Баатараҕа 471, Бэдьимэҕэ 520, Мэлдьэхсигэ 439, Хорообукка 950 нэһилиэнньээхтэр. Хорообут сиригэр, саас, Суола үрэххэ халаан уутун халытан 1600 гектар сиигирдэр системалаах, бу системаны үчүгэйдик көрөн-истэн, кэмигэр өрөмүөннээн биэрдэххэ, Хорообут ХЭТ сайдар кэскилэ.
Мэҥэ-Хаҥалас райкомугар 16 сыл бастакы сэкэритээринэн үлэлээбит Тимофеев Иван Гаврильевич, пенсияҕа тахсан баран дойдутугар Хорообукка «Кыһыл Күүс» сопхуоска (кэлин ОПХ) директорынан тахсаат 15 куойкалаах, толору хааччыллыылаах, ону тэҥэ саҥа хочуолунайы туттаран 1991 с. үлэҕэ киллэрбитэ.
Балыыһа үлэҕэ киириитигэр саҥа телевизор, холодильник, кухняҕа ас астыыр электрическай плитаны монтажтаан бэлэхтээбитэ. Атын сиргэ тиис бырааһынан үлэлии сылдьар Андреев Анатолий Николаевиһы «дойдугар кэлэн үлэлээ» диэн ыҥыран аҕалан, тиис эмтиир, оҥорор кабинеты аһан, кини оборудованиетын профсоюз харчытынан толору атыылаһан кабинеты астарбыта.
Ону таһынан почтаҕа анаан хонтуора туттарбытын, сибээстэр ылбатахтара. Ол иһин Хорообут, Мэлдьэхси, иккис Баатара нэһилиэктэр олохтоохторо, акция тэрийэн субботниктаан, доруобуйа харыстабылыттан биир солкуобайы көрдөөбөккө, саҥа балыыһатыгар амбулатория гыныҥ диэн 1993 с. балыыһаланан, амбулаторияланан, тиис кабинеттанан, сүрдээҕин үөрбүппүт.
…хомойуох иһин биир үтүө күн оройуон кылаабынай бырааһа Павлов Алексей Андреевич, 2013 с. оройуон аҕа баһылыгын отчуотугар Хорообут кулуубугар…: «эһиги сытар балыыһаҕыт баһаарынай өттүнэн эппиэттээбэтинэн, акылаата хамсаабытынан сабыллар» диэн этэр. Дьон соһуйан, 40-чэ киһи кэлбититтэн, өмүттэн хааланнар, улахан утарсыыны оҥорботтор.
Тойон эттэ, Хорообут сытар балыыһатын 2014 с. саҕаланыытыгар сабаллар. Амбулаторияҕа сыһыаран 2 куойкалаах дневной диэн хааллараллар. Хорообут балыыһатын 9 штатын, суоллаах сиргэ Хаптаҕайга саҥа аһыллар балыыһаҕа биэрэллэр. Тойон Павлов А.А. Хорообут сытар балыыһатын, электрическай плитатын, сылытыллар система батареяларын быһыта эрбээн Майаҕа илдьэ бараллар, туппут хаһаайыттарыттан ыйыта барбаттар. Балыыһа сылытыллар систематын ороскуотун ОПХ бүтүннүү бэйэтэ уйунан олорбута.
Хорообукка 9 киһи ыал ийэлэрэ-аҕалара сир-халлаан икки ардыгар үлэлэрэ суох хаалаллар. Онтон күһэллэн ыал ийэтэ Бочкарева Анна Иннокентьевна куоракка киирэн үлэлэргэ үлэлиир, эмиэ ыал ийэтэ Сосина Ольга Семеновна дьиэ куортамнаан үлэҕэ киирэр. Дьэ бу үлүгэр алдьархайы көрбөккүт дуо?
…Тойон Павловы кытта 2-тэ кэпсэтэ сатаан көрдүбүт да, иннин биэрбэт, «Хаптаҕайга» балыыһа эһигиннээҕэр ордук наада» диэн эппиэтиир.
Хорообут нэһилиэгэр 80-тан тахсыбыт 19 тыыл ветераннара, 75-80 дылы саастаах 16 аҕам саастаах кырдьаҕастар, 57 инбэлииттэр олороллор. Тойон Павлов аспыт дневнойугар, бу ытык кырдьаҕастарбытккыттан 5 эрэ, 75-80 саастарыгар дылы саастаахтартан 9 эрэ кырдьаҕас баран биир эмит күн сытан эмтэниэхтэрин сөп, күн аайы барар кыахтара суох, уоннааҕылар доруобуйалара мөлтөҕүнэн, киһи көмөтө суох балыыһаҕа сылдьар кыахтара суох. Итини эттэххэ Павлов улахаҥҥа уурбат, истэн эрэ кэбиһэр. Тыа дьоно күҥҥэ 2-тэ балыыһаҕа массыынанан таһыллар кыахтара да усулуобуйалара да суох.
Итини барытын этэн 2015 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр, Улуу кыайыы 70 сылын бэлиэтиир түмүк тэрээһиммитигэр, Улуу кыайыыга аналлаах монумент таһыгар олохтоох нэһилиэнньэни мунньан 210 киһиэхэ илии баттатан Республика Ил Дарханыгар Борисов Е.А., Ил Түмэн депутатыгар Романов А.А., доруобуйа харыстабылын миниистиригэр Горохов А.В., сурук суруйан, балаҕан ыйын 7 күнүгэр киллэрэн туттарбыппыт.
Ил Дархан нэһилиэнньэ көрдөһүүтүн хонтуруоллуур отделын начальнига Романова С.Р. эппиэтэ 9 хонугунан кэлбитэ: «Мэҥэ-Хаҥалас улууһун аҕа баһылыгар, доруобуйа харыстабылын уонна экономика министерствотыгар көрүүлэригэр ыыттыбыт, эһиэхэ эппиэттиэхтэрэ» диэн ис хоһоонноох.
Улуус аҕа баһылыгыттан эппиэт кэлбитэ. Доруобуйа харыстабылын Министерствотыттан эппиэти кэтэһэ сатаан баран, ахсынньы ый саҥатыгар 2015 сылга, миниистиргэ приёмҥа киирбиппэр, Припузов Олег Алексеевич приёмыгар сылдьан, онно астыммакка, бачча киирэн баран, миниистири көрсөн таҕыстахха табыллар-диэн өрөөн туран үлэ чааһа бүтүүтэ Александр Васильевич приёмугар сырыттым.
Онно киирэн миниистиргэ баар балаһыанньаны хайдах баарынан кэпсээн биэрдим, уонна биһиэхэ тахса сылдьан нэһилиэнньэни кытта көрсөн, быһааран биэриэ этигит-диэн көрдөстүм. Онуоха Александр Васильевич: «Эһиги боппуруоскутун билэбит, быһааран турабыт, биһиги эппиэти ырытан турабыт туттугут ини ол эрэн эн көрдөһүүгүн ылынан суол турдаҕына хайаан да тахса сылдьыам, нэһилиэнньэҕэ быһааран биэриэхпит» — диэн эрэннэрдэ, илии тутуһан тарҕастыбыт.
Ол эппиэт суруктарын Олег Алексеевич биэрбитэ, онно көрбүтүм суруктарын саҕаланыытыгар Андрей Михайлович диэбиттэр. Мантан да көстөр, бу дьыалаҕа хайдах сыһыаннаспыттара. Мин 81 сааспын туолуохпар дылы Александр Михайлович дэнэн сылдьабын, аны кэлэн ааппын уларыппат инибин. Эппиэт ис хоһооно Мэҥэ-Хаҥалас улууһун кылаабынай бырааһа Павлов Алексей Андреевич чахчыта суох даннайдарыгар олоҕуран аккаастаан суруйбуттар. Өрүс суола аһыллан сабыллара чугаһаата.
Миниистир суоҕун курдук суох, Хорообут куораттан суолум ырааҕа суох, бара-суоҕа 86 км.
Онтон экономика министерствота эппиэттиири наадалааҕынан да аахпата.
Түмүкпэр эттэххэ Хорообут нэһилиэгин олохтоохторо бу икки улахан салайааччылартан улаханнык хомойдубут, баттанныбыт, атаҕастанныбыт. Алексей Андреевич, Александр Васильевич иккиэн дойдуну баһылаан-көһүлээн олорор «Единэй Россия» партия чилиэттэрэ буолуохтара.
Маннык нүдьү балай салайааччылардаах «Единэй Россия» Россияны салайар кыаҕа суоҕа көстөр. Онон 2016 сылга балаҕан ыйыгар буолар Госдуума быыбарыгар Саха Сирин бары быыбардааччыларын «Единэй Россия» партияттан турбут депутакка кандидаты утары куоластыыргытыгар ыҥырабыт!
Дьиҥнээх норуот туһугар туруулаһар Российскай Федерация Коммунистическай партия туруорбут депутакка кандидат иһин куоластыыргытыгар ыҥырабыт!!!
Бу сурукка сөбүлэһэн 204 киһи нэһилиэк олохтоохторо илии баттаатылар.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Хорообут бөһүөлэгэ, РФ коммунистическай партиятын Саха сиринээҕи отделениятын, Хорообут маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэтэ.
Кулун тутар 3 күнэ 2016 сыл.