Намҥа ийэлэр түмсүүлэрэ тапталлаахтар күннэрин көрсө кэрэ буолуу күнүн тэрийэн Нам селотун ийэлэрэ муһуннулар. Визажист — косметолог консултант Сардаана Обутова мустубут ийэлэргэ босхо семинар чаас ыытта. Кини ийэлэр сирэйдэрин тириитин хайдах харыстыырга мэри кэй косметиканы хайдах туһанар туһунан сүрдээх интэриэһинэй иһитиннэрии оҥордо.
Дьиэ бүтэн биэрбэт түбүгүттэн туһалаахтык сынньанан ийэлэр кэрэ сэбэрэлэрин тупсарынан үөрэн-көтөн, бэйэ-бэйэлэрин кытары арааһынайы ыралаан сүбэ-ама ыллылар. Эбиитин “Креатив Студио” фотосалоҥҥа хаартыскаҕа түстүлэр.
Кыттыыны ылбыт ийэлэр Анна Слепцова, Аня Семенова, Марианна Ядрихинская, Надя Ипполитова, Наталия Гуляева, Саха сирин 2007 с. вице-мисс Якутии, 2010 с. кэрэ куолар күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа Виолетта Куличкина, СР СМ норуодунай депутата А.Р Винокурова, Түмсуу салайааччыта Мария Соловьева, визажист-косметолакка Сардаана Обутоваҕа уонна Креатив студия фотосалоҥҥа махтаннылар уонна инники үлэлэригэр элбэх ситиһиини баҕардылар.
Бу кэлэн иһэр тапталлаахтар бырааһынньыктарынан чугас дьоммутун, тапталлаахтарбытын уонна Саха сирин таптаһар сүрэхтэрэ бэйэ бэйэҕитин таптаан уонна тапталлаах буолуҥ.
Нам улууһун ийэлэрин тумсүүлэрэ.