Биир дойдулааҕым убай курдук киэн тутта саныыр, ытыктыыр киһим Иван Иванович Местников туһунан Дьокуускайдааҕы эмтиир киин аттыгар кэллим да итинник саныы, санаам күүһүрэ түһэр. Кини туһунан эдэр сылдьан Уус Алдантан улахан күүстээх штангист врач киһи баарын туһунан кулгаах да харах буолан истэрим. Арай биирдэ балтараалаах оҕобун сүрэҕин эппэрээссийэлэтэ Благовещенскай куоракка доктор Ярослав Петрович Кулик кардиоклиникатыгар кэргэмминээн Розалыын тиийдибит.
Оччолорго бастакы категориялаах кардиохирург Николай Васильевич Кучкинныын оҕобутун операцияҕа киллэрээри кэпсэттибит. Саха сириттэн сылдьарбытын истээт хирург Н.В.Кучкин сирэйэ дьикти уратытык сырдаан кэллэ.
Оччолорго И.И.Местников Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын министринэн олороро. Туохтан эрэ сылтаан мин: “И.И.Местников биир дойдулааҕым билэр киһим”,— диэн сымыйалаан тыаһаппыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
Ону кытары: “Сахалар эбиккит”, диэн үөрэн олорор хирург ис иһиттэн ураты үчүгэйдик мичээрдээн өссө эбии сирэйэ-хараҕа уратытык бу тыллан кэллэ уонна Иван Ивановичтыын бииргэ студеннаабыт умнуллубат үтүө кэмнэрин кэпсээн киирэн барда.
Мин олох да көрө илик киһибин билэр киһим курдук эппитим уратытык сатанан эрэриттэн ууга түһэн эрэр киһи оттон тардыһарыныы туһана сатаан кини кэпсээнигэр көх-нэм буоллум. Кардиоклиникаҕа сүрдээҕин табыллан сылдьан, хас биирдии үлэһити кытары олус истиҥник билсэн, оҕобутун операциялатан этэҥҥэ эргиллибиппит. Оо, оччолорго олох да билбэт, сурах хоту истэр киһибэр Иван Иванович Местниковка киһи тылынан сатаан ойуулаабатын курдук олус да күүскэ махтанныбыт этэ.
Кини дьоҥҥо үтүө-мааны сыһыана, доҕор быһыытынан бастыҥ аламаҕай майгыта, үтүө аурата Роза биһиэхэ быһаччы көмөлөспүтэ. Онтон ыла оруобуна толору отут хаар уулунна. Кэлин мин бу үтүөкэн киһилиин дьэ дьиҥнээхтик чугастан билсиспитим. Ол былаһын тухары врач быһыытынан миэхэ кэлтэй туһалаан, ыарахан чаастарбар быыһаан, ыйан-кэрдэн сүбэлээн бэйэбин да, оҕолорбун да эмтэтэн өссөүгүстүк абыраата. Чахчы хаан-уруу аймаҕым, убайым курдук киэн тутта кини олоҕун устата ситиспит үгүс элбэх дьыалатыттан муҥ саатар бар дьоммор бүтүн саха сирин олохтоохторугар киэн туттуута буолбут биир үтүөкэн идеятын ахтан суруйуох санаам кэллэ.
ССРС доруобуйатын харыстабылын министрэ Е.И.Чазов: “Саха сирэ сиртэн хостонор баайа элбэҕинэн республикаҕа ыарыылары диагостыыр, эмтиир бөдөҥ киини тутууга бэйэтин иһиттэн үп булан сакаасчыт булуохха сөп”
Сайдыылаах көҥүл ырыынак. Хас биирдии киһи бэйэтэ туһунан бырайыак толкуйдаан, айан үлэлиир, олорор ХХI—ис үйэ көҥүл правовой судаарыстыбаҕа олоробут. Урукку ССРС саҕана курдук маны оҥор ити былаан, бачча бырыһыан, диэн ирдэбил кимиэхэ да хантан эрэ үөһээттэн түспэт. Онон олоҕу сайыннарыыга үчүгэй идея, бырайыак чахчы биһирэнэр сайдыылаах үйэ сүрүн ирдэбилэ. Ол эрээри идея идеятынан, бырайыак бырайыагынан. Аны ону туруорсуу, сүүрүү-көтүү олус элбэх бириэмэни сыраны, тулууру, сындалыйбат сындааһыны, бэйэ кыаҕар модун эрэллээх буолууну эрэйэр.
Араас таһымнарга дуоһунастаах, араас майгыннаах дьоннуун эриһии, кэпсэтии, туруорсуу, дуогабардаһыы. Дьыала олоччута быһаарыллыбытын кэнниттэн бырайыагы олоххо киллэрии күүрээннээх үлэтэ. Ити барыта эттэххэ эрэ дөбөҥ. Ити өссө ааспыт систиэмэҕэ ССРС кэмигэр.
И.И.Местниковка бу улахан кэскиллээх уонна бар дьонугар туһалыы турар идея кини министрдии олордоҕуна киирбитэ. Министр идеятын олоххо киллэрэр иннигэр бырайыак оҥорон туһааннаах судаарыстыбаннай уорганнар ааннарын тоҥсуйан туруорсубутунан барбыта. Бырайыак бастакыта сүрэх уонна тымыр ыарыыларын диагностыыр, эмтиир, эппэсээссийэлиир киини тутуу этэ. Кини оччотооҕу ССКП обкуомун бастакы сэкиритээрэ Юрий Прокопьевка, правительство бэрэссэдээтэлэ С.Н.Маркиҥҥа үгүстүк туруорсубута.
Бу туһунан 2005 сыл балаҕан ыйын 29 күнүгэр “Орто Дойду” хаһыакка сиһилии быһааран суруйбутум. Иван Ивановичка бастакы улахан хамсатыылаах күүстээх өйөбүлү САССР Минитстрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ С.Н.Маркин оҥорбута. Кини ойуччу улахан өйөбүлүн хаһан да умнар сатаммат. Онтон тэптэрэн министр бу идеятын маҥнайгы кыымнара төлөннүрэн бырайыак улаатан, кэҥээн испитэ. Туруорсуу, сүүрүү-көтүүөссө тэтимирбитэ. Аны бу бүтүн Саха сирин норуоттарыгар улахан туһалаах, олус кэскиллээх бырайыагы Ю.Н.Прокопьев өйүүр.
1988 сыллаахха биһиги республикабытыгар ССРС доруобуйатын харыстабылын министрэ академик Е.В.Чазов уонна РСФСР доруобуйатын харыстабылын министрэ А.И.Потапов кэлэ сылдьан, республика салалтатын-ССКП обкуомун маҥнайгы сэкиритээрэ Ю.Н.Прокопьевы уонна министрдэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ С.Н.Маркины кытары көрсүһүүгэ доруобуйа харыстабылыгар материальнай-техническай сайдыыны кэҥэтэр туһунан кэпсэтии ыытыллыбыта.
Онно ССРС доруобуйатын харыстабылын министрэ Е.И.Чазов: “Саха сирэ сиртэн хостонор баайа элбэҕинэн республикаҕа ыарыылары диагостыыр, эмтиир бөдөҥ киини тутууга бэйэтин иһиттэн үп булан сакаасчыт булуохха сөп”,— диэн этии киллэрбитэ. Ол этии сүнньүнэн сүнньүнэн Ю.Н.Прокопьев илии баттааһыннаах ССКП обкуомун уурааҕа тахсыбыта. Уураах туолуутун олоххо киллэриигэ Министрдэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ С.Н.Маркины уонна доруобуйа харыстабылын министрин И.И.Местниковы дьаһайбыта.
Доруобуйа харыстабылын киинин тутуу эппиэтинэһин сүкпүт киһи Иван Иванович сүүрүүтэ-көтүүтэ өссө тэтимирбитэ. Аны бу киини туттарыан сөптөөх киһини көрдөөбүтэ. Оннук киһинэн Иркутскайга уонна Бурятияҕа улахан эмтиир кииннэри туттарбыт уоппуттаах бөдөҥ специалиһы, медицинскэй наука докторын В.И.Астафьевы булар. Иван Иванович кинини тылыгар киллэрэн Дьокуускайга аҕалан республиканскай балыыһаҕа кылаабынай бырааһы солбуйааччынан үлэҕэ ылар уонна медицинскэй киини тутуунан дьарыктанарыгар сорудахтыыр уонна туох баар бырайыактаабыт докуменнарын, бырайыактарын В.И.Астафьевка туттарар.
Медицинскэй наука доктора В.И.Астафьев РСФСР бырабыыталыстыбатыттан, Внешэкономбаантан уонна тас дойдулартан бииргэ үлэлиир партнердары булууга бэртээхэй этиини киллэрбитэ.
Дьэ, уонна бырабыыталыстыба кэбиниэттэринэн, атын бу дьыалаҕа сыһыаннаах тэрилтэлэринэн араас наадалаах боппуруостары быһаарыыга сүүрүүлэрэ-көтүүлэрэ саҕаланар. Бырайыакка быһаччы үлэлэһиэн сөптөөх тэрилтэлэри мунньан бу боппуруос тула түмэллэр.
1988 сыл атырдьах ыйыгар Министрдэр Сэбиэттэрин солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ А.М.Зотеевы уонна Великобритания ”Микасет-Лимитет” фирматтан тойон Ану Моханы кытары Дьокуускайга Медицинскэй киини тутууга салгыы кэпсэтии ыытан, контракт түһэрсэргэ анаан илии баттаһаллар. Ыытыллар тутуу иһин 4-5 сыл устата чох уонна пиломатериал оҥоһуктарынан компенсациялыырга сөбүлэһии ыытыллар.
Бу ураты сылы өйдөөн кэбиһэр сөп. Тугунан? Саха сирэ аан бастаан тас омук фирмаларын кытары холбоһуктаах үлэлэрин И.И.Местников салайан ыыппыта биһиги респукбликабытыгар бастакы историческай түгэнинэн буолар.
Иккис курдук сүүрбэһис үйэ бүтүүтүгэр Саха сирин төрүт олохтоох норуоттарыгар быһаччы көмө оҥорор бастакы улахан бырайыак. И.И.Местников идеятын сүдүтэ, сөҕүмэрэ итиннэ сытар. Онон кэнэҕэс да бу тутуу биһиги ыччаппытын олоххо иитиигэ, инники сайдыыга угуйар үтүө холобур быһыытынан оруола улахан буолуо.
1989 сыл саҕаланыытыгар “Фарус”, диэн сэбиэскэй-британскай фирманы тэрийэллэр. Генеральнай директорынан Т.Я.Гребенкины аныыллар. Бу фирмаҕа чоҕу уонна маһы кыраныысса таһыгар таһаарыыга көҥүл лиценцияны ылаллар.
1989 сыл ыам ыйын 13 күнүгэр Саха сирин өттүттэн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн И.И.Местников уонна тутууну ыытыахтаах “Фарус” холбоһуктаах фирматыттан Т.Я.Гребенкин буоланнар Австрийскай “Поленески Цольнер”, диэн тутуу фирматыттан тойон Рональд Гехтиин Медицинскэй киини тутууга илии баттаһаллар. Ол аата тутууну саҕалыыр сүрүн докумуон оҥоһуллар.
1989 сыл атырдьах ыйын 16 күнүгэр САССР министрдэрин сэбиэтин 272 нүөмэрдээх Дьокуускай куоракка национальнай эмтиир киини тутуу туһунан уурааҕа тахсыбыта.
Дьокуускайга бу фирма үлэтин Ханс Питер Эрнсбергер дьаһайан ыыппыта. Контрагы олоххо киллэриигэ кыраныысса таһыттан 50 араас фирма субподрядчик быһыытынан кыттыыны ылбыта. 1989 сылтан Дьокуускайга “ГлавЯкутстрой” А.Г.Павлов тутууну саҕалаабыта.
Тутуу үлэтэ ыытылла турдаҕына, 1990 сыл саҕаланыаҕыттан субподрядчик Вамед Инженеринг тойотторо Н.Шотнер, К. Платнер медицинскэй тэриллэр испииһэктэрин киллэрэллэр. Улахан көлөһүн түһэр атын үлэ манна саҕаланар. Урукку өттүгэр биһиэхэ ханна да туттулла илик көмпүүтэринэн салаллар оборудованиялары, техникалары таба туруоруу, уотун-күөһүн бырайыагын быһаарыы уо.д.а. Норуот оччолорго өссө көмпүүтэр, диэни билэ да илигэ.
Бу дьыалаҕа сирэй эппиэтинэһи И.И.Местников В.И.Астафьевка сүктэрэр.
1990 сылтан анал бөлөҕү салайыы үлэтин саҥа министр Б.А.Егоров медицинскэй наука кандидатыгар П.Н.Яковлевка сүктэрэр. Кинилэр доруобуйа харыстабылыгар көмпүүтэригнэн иһитиннэрэр, аналистыыр систиэмэни олоххо киллэрэллэр. Борис Афанасьевич дьаныардаах үлэтин түмүгэр медицинскэй наукаҕа уонна саҥа технологияны баһылааһыҥҥа, саҥаны бастыҥы олоххо киллэрии отдела арыллыбыта.
Ол түмүгэр Б.А.Егоров быһаччы үтүөтүнэн телмедицина нэһилиэктэргэ киэҥ араҥаны хабан Национальнай эмтиир Киинтэн салаллан элбэх өрүттээх аналистыыр, диагностыыр, эмтиир, эппэрээссийэлиир үлэ ситимэ оҥоһуллан олоххо киирбитэ. Маны таһынан кини атын хаһаайыстыбаннай хааччыйар эбии сервистар отделларын уонна отделегияларын астарбыта. Бу үлэлэри баһылааһыҥҥа Арассыыйа киин куораттарын уонна кыраныысса таһынааҕы омук дойдуларын кытары сибээстэһэн анал кадрдары эрдэттэн бэлэмнээбитэ. Бу бырайыак кэлин үлэлээбит министрдэринэнөссө кэҥэтиллэн, тупсарыллан бүтэһиктээх түмүгэ бу үлэлии турар.
2001 сыл сэтинньи ый 12 күнүгэр бу эмтиир кииҥҥэ республикаҕа бастакы бүөрү хаан-уруу аймаҕыттан көһөрөн хирургтар Г.Н.Николаев, А.И.Васильев, А.В.Николаев буолан оҥорбуттара. Бу кэнниттэн трансплонтация родственной почки—хаан-уруу аймаҕыттан бүөрү көһөрөн олордуу эппэрээссийэтин маассабайдык оҥоһуу саҕаламмыта.
Салгыы республикабыт бастакы президенэ М.Е.Николаев ис иһиттэн өйөөн бу тутуу ситиһиилээхтик түмүктэммитэ. Олунньу ый 2-гэр 1992 сыл республика бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев Дьокуускайга ийэ уонна оҕо киинин туттарар туһунан уурааҕа тахсыбыта. Тутууну министр Борис Афанасьевич Егоров салгыы ийэ уонна оҕо киинин 1992 сыллаахха бу уһаайбаҕа холбуу туттарар.
И.И.Местников, Б.А.Егоров министрдээбиитэрин кэннэ үлэлээбит министрдэр бу кииҥҥэ эмиэ уустук эппэрээссийэлэри оҥорууга бэйэлэрин дьоһун кылааттарын киллэрбиттэрэ. Ол курдук И.Я.Егоров СР доруобуйатын харыстабылын министринэн олорон бу кииҥҥэ сүрэҕи, быары эппэрээссийэлиир улахан отделениялары астарбыта уонна улуустары кытары телемедицинаны олоххо киллэрбитэ. Телемедицина, диэн эмтиир киин хирургтара ханнык баҕарар улууһү кытары сибээстэһэн операция оҥорор хируру кытары телевиденияннан тэҥҥэ үлэлээһиннэрэ олоххо киирбитэ.
2000 сыл сэтинньи ый 14 күнүгэр РФ доруобуйатын харыстабылын министрэ академик Ю.Л.Шевченконы аҕалан сүрэххэ уустук операцияны П.И.Захаров, А.П.Семенов буолан оҥорбуттара. Сүрэҕи эппэсээссийэлиир салаа сэбиэдиссэйинэн үрдүк категориялаах сүрэх эмчитэ, хирург П.И.Захаров ананан айымньылаахтык үлэлиир.
Аныгы үйэ бары ирдэбиллэригэр эппиэттиир улахан тутуу идеятын автора уонна бастакы бырайыагы оҥорбут киһи И.И.Местников буолар. Биһиги биир дойдулаахтара Саха сирин бары уһугуттан кэлэн өлөр хаалар ыарахан күннэригэр бу киинтэн өрүһүллэн олоххо хастыыта эмит эргиллибит дьон махталларынан саамай сөпкө киэн туттабыт. Бу эмчит идэлээх И.И.Местников бар дьонугар оҥорбут үгүс элбэх үтүө дьыалаларыттан биир бастыҥүлэтэ.
Биһиги медицинабыт үрдүк таһымҥа тахсыытыгар көстөрүн курдук бу киин үлэтэ уһулуччу улахан оруоллаах. Манна бэртээхэй медицинскэй хаадырдар үлэлииллэр уонна идэлэрин таһымын үрдэтинэллэр.
Биһиги бу кииммит үлэтин Арассыыйаҕа эрэ буолбакка аан дойду атын сайдыылаах судаарыстыбаларын специалистара үрдүктүк сыаналыыллар. Онон бу биһиги биир дойдулаахпыт саҕалаан туттарбыт тутуута биһиги саха сирин олохтоохторун барыбыт киэн туттуута.
Саха сирин бары уһугар биллэр иһиллэр уран тарбахтаах амарах сүрэхтээх, сылайары билиммэккэ сындалханнаахтык үлэлиир бар дьон махталын ылыан ылбыт үрдүк категориялаах быраастар эмтиир кииҥҥэ айымньылаахтык үлэлииллэр.
Ханнык баҕарар үлэҕэ күүстээх идеялаах өссө ону олоххо киллэриигэ элбиих элбэх үлэни толоруу ылбычча киһиэхэ чахчыта кыаллыбат дьыала. Маннык улахан бырайыактары оҥорорго олоххо улахан уоппут, идэтийбит үрдүк таһым, маастарыстба эрэйиллэрэ кимиэхэ да өйдөнөр.
Эмтиир Киин генеральнай директора
Биллэн турар бу үлүгэрдээх улахан 3500 үлэһиттээх баараҕай Киини салайан үлэлэтэр да манан аҕай боростуой дьыала буолбатах. Түөрт уонча сыллааҕыта Олимпийскай чемпионнаах алта уон аҕыс киилэ ыйааһыннаахтарга бииргэ тустубут киһим В.С.Петров генеральнай директорынан үлэлиирин истибитим.
Кини бу эмтиир Киин хаһан аһыллыаҕыттан манна биир талааннаах хирург быһыытынан үлэлээбитэ. ССРС спордун маастара, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ кавалера, СР тутуутун туйгуна, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Д.Д.Гороховтыын суруйбут: “Урукку 68-ар” кинигэбитигэр кини аатын киэн тутта киллэрбиппит.
Российскай Федерация үтүөлээх враһа, “Гражданскай килбиэн” кавалера, СР уонна РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, медицинскэй наука кандидата, СР эмтиир Киинин генеральнай директора Валерий Сергеевич Петров үтүөкэннээх биографията, спортка улахан ситиһиилэрэ биһиги кинигэбитин олус үчүгэйдик киэргэппитэ.
Валерий Сергеевич салайар республикатааҕы эмтиир Киин 45 отделениялаах. Манна араас категориялаах Саха сирин 700 бастыҥ враһа үлэлиир. 1100 орто үөрэхтээх эмчиттэр дьарыктаналлар. Маны таһынан техническэй үлэһиттэр, санитардар барыта 3000 специалист, сыалай биир хоту улуус олохтоохторун саҕа ахсааннаах киһи, биир ньыгыл коллектив буолан үлэлиир улахан тэрилтэтин эмчит В.С.Петров салайар.
Ханнык баҕарар салайааччы, ханна баҕарар үлэлээтэҕинэ тус бэйэтин идеятын, санаатын олоххо киллэрэн бэйэтин суолун ииһин хаалларар иһин кыһаллар. Ол көҥүл ырыынак биир сүрүн ирдэбилэ. Биһиги бүгүн киэн туттар Валерий Сергеевичпыт бу аарыма улахан эмтиир Кииҥҥэ үлэлии кэлээт, киһи уорганнарын көһөрөн олордууга саҥа улахан үлэни биир бастакынан саҕалаабыта.
Транспланталогия-ол аата быар, бүөр курдук уустук уорганнары атын киһиттэн көһөрөн олордууга биһиги эмтиир Кииммит үлэтин саҕалаата. Биллэн туран бу уустук операциялары бастаан киин сиртэн эбэтэр кыраныысса таһыттан үрдүк таһымнаах, уоппуттаах врачтары кытары кэпсэтэн сөбүлэҥнэрин ылан, онно сөптөөх оборудованиялары, медицинскэй аппаратууралары туруоран, аҕалан бастакы операциялары оҥотторон олохтоох врачтары үөрэтэллэр.
Эмиэ итинник Валерий Сергеевич сүүрэн-көтөн, кыһаллан тэрийэн биһиги эмтиир кииммит врачтара киһи этин алдьатан, хааны таһаарбакка, көмпүүтэринэн көрөн туран эндоскопическэй,-ол аата апраас трубкаларынан, тымырынан киирэн сүрэххэ, быарга, хабахха, муҥурга, ис тэһэҕэскэ, маткаҕа уо.д.а. уорганнарга эппэрээссийэлэри сүрдээх саталлаахтык оҥорор буоллулар.
Бу аан дойдуга наука саҥа ситиһиилэрин кытары тэҥҥэ хаамсар аныгы үйэ сайдыылаах көмпүүтэрин туһанан оҥоһуллар сүрдээх уустук эппэрээссийэлэр. Маннык саҥа идеяны олоххо киллэрии олус элбэх туруорсууну, сүүрүүнү-көтүүнү, талан ылбыт идэҕэ үрдүк таһымнаах билиини, арахсыспакка үлэлиир дьаныардаах, идэҕэ бэриниилээх, хорсун, модун күүстээх санаалаах буолууну ирдиир. Аны, онно сөп түбэһиннэрэн миэстэтигэр үлэлиир врачтары, атын медицинскэй үлэһиттэри эмиэ табан, сатаан аттаран туруоруохха, бэлэмниэххэ, хас биирдии медик үлэлиир дьоҕурун сатаан сайыннарыахха наада.
Онон бар дьонун доруобуйатын тупсарар, ыарахан ыарыыттан быыһыыр туһугар былаһын тухары саҥаттан саҥаны билэ-көрө, олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылыы турары ирдиир олус уустук ыарахан, түгэҕэ биллибэт түбүктээх идэнэн эмтиир Киин генеральнай директора В.С.Петров биһиги хас биирдиибит туспутугар утумнаахтык дьарыктанар.
Бу тутуу туһунан суруйа олорон күндү ааҕааччыам спорт киһи олоҕор боччумнаах оруолун бэлиэтии көрбүт буолуохтааххын. Национальнай эмтиир Киини тутуу идеятын саҕалаан, олоххо киллэрбит И.И.Местников штангаҕа ССРС спордун маастарын нуорматын икки аҥаар киилэни ситэ көтөхпөккө хаалан толорботоҕун билэбин. Аны бу Киини уонна Ийэ уонна Оҕо Киинин саҕалаан туттарбыт министр Б.А.Егоров боксаҕа Саха республикатын үс төгүллээх чемпиона, РСФСР уонна ССРС улахан түһүлгэлэрин элбэх төгүллээх кыттыылааҕа уонна хас да төгүл призера.
Бу кииҥҥэ директордаабыт уонна доруобуйа харыстабылын министринэн үлэлээбит В.Л.Александров республикаҕа биллэр улахан легкоатлет этэ. Билигин бу Кииҥҥэ генеральнай директорынан үлэлии олорор В.С.Петров көҥүл тустууга республика чемпиона бэрт үчүгэй ситиһиилэрдээх саҕалаан иһэн сыал-сорук туруорунан үөрэҕинэн, үлэтинэн, науканан дьарыктанан улахан уорааннаах күрэхтэһиилэргэ кыттыбакка хаалбыта. Онтон биһиги бастакы президеммит М.Е.Николаев-республика бастакы улахан штангистарыттан биирдэстэрэ. Бу бэртээхэй идея, тутуу тула итинник дьон киэнэ чулуута түмсэн үлэлээн бар дьоннорун быһаччы абырыы, амырыын ыарахан ыарыылартан быыһыы олороллор. Онон кинилэр ааттара Саха медицинатын историятыгар кыһыл көмүс буукубаларынан суруллан хаалыа.
Күндү ааҕааччыам, аҥаардас мантан да көрдөххө, спорт киһи олоҕор туруоруммут сыал-сорук оҥостубут дьыалатыгар сындалыйбат модун дьулууру, тулууру, бигэ өркөн өйү-санааны өлгөмнүк бэлэхтиирэ көстөр.