Хапсаҕай тустууттан туһа туспа уратылара манныктар:
1. Ыйааһынынан араарыы диэн суох; 2. Араа-бараа саастарынан арахсан хапсаҕайдаһаллара; 3. Бириэмэ (кэм) бачча диэн быһыллыбат этэ; 4. Бу тура сылдьан күөн көрсүү; 5. Хотууга иккитэ-үстэ тобуктатыы эбэтэр охторуу условията (илии тутуһуу ) быһыллара; 6. Өрө баһан ылыы, өрө көтөҕөн таһаарыы — бу ЫРААС КЫАЙЫЫ ! 7. «Ат буолуу» — бу ЫРААС ХОТТОРУУ ! Маныаха да мөккүөр суох !
Саха хапсаҕайа ханан эрэ буолбакка Былыргы Греция тустуутунуун биир көрүҥнээх , онон билиҥҥи да гректэр Хапсаҕайы уруулу көрөн, хайҕаан сэргиэ этилэр. Маны литератураттан холобурдаан бигэргэтэн биэриэх: » В античную эпоху соревнующиеся в борьбе дифференцировались не по весовым категориям, а по возрастным группам; продолжительность поединка не ограничивалась», «Атлеты боролись только стоя» («Словарь Античности», Из–во «Прогресс», Москва, 1989, стр. 80; А.Р. Абдулхаков, А.А. Трапезников «Бороться, чтобы побеждать!», Москва, «Просвещение», 1990, стр. 9).
Хапсаҕай? Хапсыһыы кытаанаҕа, аҕайа буоларын этэр ис хоһоонноох үөскээбит аат тыл. Ааһан иһэри, куоппуту ситэн, утары кэлбити (мээчиги да буоллун) тутан ыл диэни «Хап» дэнэр. Хапсыы+аҕай =Хапсаҕай эбэтэр Хап + (ы )с = Хапыс (= Хабыс) +аҕай = Хапсаҕай. Сахаларга хабылык (= хап эбэтэр хаб + ыл + ык ) диэн оонньуу уонна хары хапсар (хап + ыс + ар) диэн илиинэн холоһуу биир көрүҥэ баар этэ ( Пекарский столбик 3221 – 3222 ). Уопсайынан эттэххэ, сахаларга илии — атах оонньуутун арааһа ыһыах, уруу, көрсүү, көр – нар – той, аат ылан бэрт буолаары, илин былдьаһыы тэрээһинигэр элбэх буолар этэ…
Хапсаҕайга «Ат буолла түстүҥ да», а.э. «түөрт атах буолуу» – хотторуу, оттон тустууга ким санна сиргэ сыстыбыт, көхсүнэн сири таарыйбыт хотторор. Ол иһин тустууга «ат буолбут», олоро түспүт киһини тиэрэ баттаары, кини үрдүгэр түһүллэр: утарсааччыгын сиргэ хам баттаары, кини илиилэрин–атахтарын ууннары–кэдэрги–туора тардыы–эрийии, сүнньүн олуйуу, ыйааһынынан ыга баттааһын уо.д.а. ньымалар (приемнар) көҥүллэнэр. Саха Сиригэр 1826–1828сс. олоро сылдьыбыт декабрист А.А. Бестужев–Марлинскай суруйбут: «Кто первый коснется земли спиной, тот побежден» (В.П. Кочнев «Национальные виды спорта Якутской АССР», Якутск, 1980, стр. 7–8]. Үөһэ буолар, көхсүнэн сири таарыйбат мөккүөнүгэр биликтэһии бөҕөтө бөҕөлөр икки ардыларыгар буолар. Саха тустуутун бу биир көрүҥүн көрөн Э.К. Пекарский (XIX үйэ ортотугар) маннык суруйбут: «Тустуу – борьба в обнимку» («Словарь якутского языка «, 1959, стб. 2864) . Чыҥыс Хаан ( ҥ = нг : Чынгыс = Чингис ) Буурай бөҕөнү ( лат. Buri – boko ) уонна Бэлкутайы ( лат. Belkutai ) тусталларыгар сорудахтаабыта “ Юань чао би ши “ диэн 1240 сыллааххха суруллубут хроникаҕа киллэриллибит ( бу хрониканы билигин “ Сокровенное Сказание Монголов “ диэн ааттыыллар , Элиста , Калмыцкое книжное издательство , 1990, стр. 6 , 83 ). Бөҕө , бөҕөс , бөҕөмсүй диэн тыллар сахаларга , биһиэхэ эрэ , баар !!! Тюрк , аныгы монголлуу , маньчжурдуу тыллаахтар “ бэк “ , “ бек’’, “ бег’’, “ бэки’’ диэн тыллары “ бөҕө’’ ( силач, сильный, могучий ) диэн тыл өйдөбүлүгэр тутталлар, онон Буурай Бөҕө саха бөҕөһө буолара чуолкайданар. Сахалыы “ бөҕө’’ диэн тыл латинныы “ boko’’ диэн суруллубут ,т. к. Латин алфавитыгар “ Ө “ буукуба суох : бөҕө = boko. Тустууга былыр ханнык баҕарар албас — ньыма көҥүл эбит… Былыргы көҥүл тустуутааҕар аныгы көҥүл тустууга барыта көҥүл буолбатах .
А.Я. Уваровский 1800 сыллаахха Эдьигээҥҥэ төрүөбүтэ (ийэтэ – саха, аҕата – нуучча), Киллэмҥэ, Дьокуусkайга олорбута – үлэлээбитэ. Кини иннинэ ким да Сахалыы суруйбат этэ, арай таҥара үөрэҕин кинигэтин тылбаастаан холонуу баара. Саха Хапсаҕайын сахалыы быһааран суруйбут оригинала маннык:«… эт этимэ, көр көрүмэ, хайтах да атына суох Нучча икки бөтүгүн өлөрсүүтүттэн. Бу тустан холоһон иһэн биирдэрэ халтарыйан ду иҥнэн ду ат буола түстүн, биитэр биир илиитин сөмүйэтинэн сиргэ тийэ түстүн, кини баһыллыбытынан, охтубутунан ааҕыллар.» (А.Я. Уваровскай «Ахтыылар», Дьокуускай, Бичик, 2003, стр. 56). А.Я. Уваровский суруйуутун О.Н. Бетлингк «О языке якутов» диэн кинигэтигэр нууччалыы тылбаастаан киллэрбитэ баар (Новосибирск, «Наука», Сибирское отделение, 1990, стр. 110).
Р.К. Маак 1854 сыллаахха тохсунньуга Якутскайга кэлбитэ уонна тута экспедициятын салайан Бүлүүгэ айаннаабыта, манна хапсаҕайы көрбүтүн маннык суруйбут:»Борьба… расходятся и потом медленно подходят друг к другу, похлопывая руками, затем внезапно бросаются один на другого, причем каждый старается схватить противника за шею и пригнуть к земле» (Р.К. Маак «Вилюйский округ» Москва, 1994, стр. 289.) Маннык тустуу баар эбит:»Арай эмискэ баҕадьы хара бүрүө иһиттэн сыгынньах киһи субурус гынан тахсыбыт да, Кудай Бөҕөнү кэлэн, төбөтүгэр түһэн, таҥнары баттаары гыммыт» (И.Г. Березкин «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ», Дьокуускай, 1977, стр.166)
Саха Сиригэр 12 сыл олорбут (1880–1892) В.Л. Серошевский хапсаҕайы көрбүтүн суруйбута баар: «…в борьбе они предпочитают бить ногами и лягаться, чем сжимать руками и гнуть к земле противника» («Якуты», Москва, 1993, стр.242).
Хапсаҕайга кыра, орто, улахан, ыарахан ыйааһыннаах диэн араарыллыбат, онон кыра киһи илиитинэн тутуспат буолла сатыыра өйдөнөр суол, ол оннугар халбархай сытыы киириитигэр, таба туттарбат хамсаныытыгар, уһун тыыныгар, суптурута түһүтэлии сылдьан эмискэ атаҕыттан «Хап» гына эһэн ылан охтороругар, атаҕынан хатыйар, тэбэр, олуйар, төһүүлүүр, тордуоктаан тардар, өттүктүүр уо.д.а. араас албастарыгар эрэллээх.
Хапсаҕайга атах сүрүн оруоллаах эбит. Атаҕынан эбэтэр тилэҕинэн такымҥа тэбии, атах ис–тас өртүнэн тэбии, атах, ньилбэк көмөтүнэн өрө көтөҕөн таһаарыы. И.Г. Березкин «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» (1977с.) кинигэттэн холобурдар: «Атаҕынан хатыйан тиэрэ кэдэйии», «атаҕы олуйа уган баран, өттүккэ мииннэрэн тиэрэ быраҕыы», «атаҕы биэрэн баран, эмискэ кэннин диэки төлө тэбии», «атаҕынан хатыйан тиэрэ баттааһын», «атаҕы биэрэн баран, атаҕынан умсары тэбэн кэбиһии» (стр.184, 185, 186, 198, 199). Оттон билигин атаҕын биэрбит (ылларбыт) киһини «Бүттэҕэ ити…» диэн буолар.
Сахалыы «Хапсаҕай» диэн тылы тюрк тыллаахтар, монголлар уонна буряттар билэллэр: капчаҕай, капшагай (тюрк.), ҕабсiҕаi (монг.), габшагай (бурят.). Бу норуоттары кытта Хапсаҕайга маҥнай матчевай күрэстэһиилэри, тюрк норуоттар Хапсаҕайга чемпионаттарын тэрийиэххэ, онтон салгыы биһирэнэн биһиги Хапсаҕайбыт Аан Дойду ааттаахтара хайгыыр, аат былдьаһар умсугутуулаах тустуута буолуоҕа. Ол барыта норуот Хапсаҕайы кэрэхсиириттэн, маннык тустуулаахпыт диэн киэн туттууттан, Хапсаҕай быраабылаларын «уу тэстибэт», мөккүөрэ–саарбаҕа суох чочуйууттан, хапсаҕайдьыттар хас да сыл утумнаахтык эрчиллэн дьарыктаннахтарына, тренердэр тиритэ–хорута соргулаахтык –айымньылаахтык үлэлээтэхтэринэ уонна биллэн турар бас–көс дьоннорбут Хапсаҕай Федерациятын иилээтэхтэринэ–саҕалаатахтарына эрэ Хапсаҕайбыт сайдар эрэллээх уонна инникилээх буолуоҕа…
Былыргы хапсаҕайдьыттар аныгылар курдук утарылаһааччыҥ сыыһа–халты туттарын манаан, киирэн биэрэрин кэтээн, дьулайсан дук–дах туттуу, аатыгар эрэ атаакалаан, ситэ кимээһинэ суох солуобатыгар эрэ анньыһан баран сылдьыбаттара эбит, урут хапсаҕайга бириэмэ диэн суоҕунан бириэмэ бүтэрин күүтэн куота көтө сылдьыллыбат этэ… Маны А.Я. Уваровский быһаарыыта, Р.К. Маак уонна В.Л. Серошевский көрбүт хапсаҕайдара туоһулууллар. Туох да чаҕыйсыыта суох чаҕылҕанныы саҕаланар эбит Хапсаҕай, «…сүүрэн киирэн хапсыһа түһэллэр…» диэн суруйуулар баар буолаллар…
Былыргы Греция тустуута Саха Хапсаҕайын курдуга манныктартан көстөр: ыйааһын, бириэмэ диэн суоҕа, туран эрэ тустуу буолара уонна «захват с отрывом от земли» («Словарь Античности» Изд–во «Прогресс», Москва, 1989, стр. 80) «. «Захват с отрывом от земли» диэн быһаарыы А.Я. Уваровский «өрө баһыллыбытынан» диэн суруйбутугар сөп түбэһэр. О.Н. Бетлингк тылбааһыгар «…повиснув на чем,..’’ («О языке якутов», Новосибирск, 1990, стр.111). Манна эбэн кэбис гректэргэ (эллиннэргэ, ахейдарга, а.э. Ахайя уобалаһын гректэригэр – ахайдарга) да, сахаларга да биир күрэстэһиигэ үстэ хоппут кыайарын. «Победа присуждалась судьей за троекратное повержение противника на землю» («Словарь Античности», изд.–во «Прогресс», Москва, 1989, стр.80). «Кини миигин чэччи иһигэр үстэ охторор буоллаҕына киирсэбин…» (И.Г. Березкин «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» Дьокуускай, 1977 стр. 197). Хапсаҕай – тустуу былыргы ураты көрүҥэ буоларын биһирээҥ!
II. Классическай Хапсаҕай – Саха народнай тустуута… Урукку уол оҕо хапсаҕайдаһан тустан көрбөтөҕө диэн суоҕа. Уол эрэ барыта хапсаҕайдаһар баҕалаах этэ. Тоҕо? Эппиэтэ: Күүстээх уонна аатырбыт–суолурбут хапсаҕайдьыттарынан норуот киэн туттара, сурах–кэпсэл уонна уос номоҕо оҥостоллоро. Ол уолаттарга хапсаҕайынан умсугуйарга төһүү буолара. Холобур, мин саастыылаахтарым сайылыкка муста түстүбүт да хапсаҕайдаһар буоларбыт, Хороттон Элгээйигэ бэһис кылааска үөрэнэ киирбит сылбар миигин холоон көрөөрү тустан хоппут да, кыайтарбыт да уолаттар бааллара. Саха сөбүлүүр, эйэ дэмнээх народнай тустуутунан Хапсаҕай буолар этэ. Аҕа уустарын баһылыктара күүстээх, хапсаҕайдьыт, сүүрүк, атах–илии оонньуутугар бэрт дьоннорун ыһыахтарга, көргө–нарга, билсиһиигэ–көрсүһүүгэ, улахан муҥха кэмигэр, мустууларга наар илдьэ сылдьаллара. Баһылык илиитэ–атаҕа буолан, тойон «хараҕын далыгар сылдьар» уонна сыан дэтии улахан эппиэтинэһи, түһэн биэрбэти, бэрээдэги эрэйэрэ…
Кинигэлэргэ киирэн суруллубутунан уонна улуустарынан уратылаһар тустуулар бааллара биллэринэн, сахаҕа элбэх тустуу көрүҥэ баар: 1) Хапсаҕай, 2) Хомуур тустуу, 3) биир ааттааҕы утары 2–3 киһи куолаан (кулаан, сэриилээн) тустуута — Кулаан тустуу, 4) чэрчи иһигэр тустуу, 5) Атах тустуута, 6) Курдаһан тустуу, 7) Хоннох үллэстэн тустуу , 8) Өлүөхүмэлии тустуу – утарылаһааччыгын тутан ылаат ыйааһыҥҥынан тоҕу түһэн бэйэҕэр тардан тиэрэ түһэн иһэн биир атаххын киһиҥ иһигэр тирээн , бэйэҥ көхсүгэр түһэн утарсааччыгын өрө тэбэн күөрэтэн хойуоһуннаран охторуу, 9) Муомалыы тустуу уо. д. а.
’’Муомалаһыы – борьба», «Хары хапсар – хватание друг друга за локти, за кисти рук (род борьбы)» (Э.К. Пекарский «Словарь якутского языка», 1959, столбик 1634, 3221–3222). Хары хапсар төрүт былыргы өйдөбүлгэ тустуу, киирсии эбит, атах тустуута диэн баар, онон өйдөбүлэ – илии тустуута диэн курдук буолар. Хары хапсар биир атын аата – Хары баттаһыы эбэтэр Илии баттаһыыта. Үгүс дьон бу көрүҥү Албания национальнай геройун – Георг Кастриоти хос аатынан ¬– Скандербег диэнинэн билэр. Саха аан бастыҥ дьэ эр бөҕө эбэтэр Сахаҥ + т/= д/ эр бөҕө диэбит кэриэтэ иһиллэр аат, ол эбэтэр албанецтар бэйэлэрин Сахалыы элбэх ахсаан сыһыарыылаан шкиф+тар=шкифтар диэн ааттаналлар. Шкифтар=Скифтэр (греч. Skyth уонна скифтары гректэр атыннык Sakai диэн ааттыыллара “ Словарь Античности “ Москва, Издательство “ Прогресс “ , 1989 стр. 505).
Таҥас Уола Чыычаах, Чөөччөх Өлөксөй, Этирик үс буолан кулаан (сэриилээн, куолаан) Күүстээх Уйбааны (хос аата Талаахы) охторо сатаабыттар (көр: И.Г. Березкин «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ», Якутскай, 1977, стр. 207–208).
Этнографтар курдаһан тустуу уонна ханнык баҕарар албаһы туттар көҥүллэнэр көҥүл тустуу туох уратылаахтарын суруйбуттарын болҕомтоҕо ылан туһаныахха баара: «Борются, взявшись за пояс, при этом не бьют подножку, а поднимают вверх, пересиливают и ложат на землю (И.А. Худяков «Краткое описание Верхоянского округа»)… борются полунагие, уперевшись головами и схватывая друг друга за руки выше локтей. Кто первый коснется земли спиною, тот побежден (декабрист А.А. Бестужев–Марлинский,1826–1828сс.) (көр: В.П. Кочнев «Национальные виды спорта Якутской АССР», 1980, стр.7–8) Дыгын саҕана курдаһан тустуу инники тутуллара. » Тустуу – борьба за пояс» («Исторические предания и рассказы якутов» ч.I, 1960, стр.288). Тустуу? Икки бөҕөскө: «Курдаргытыттан тутуһуҥ, тутуһан ылсыҥ!» диэн бэлэмнэнэргэ соруйаллара. Тутуһа түстүлэр да эмискэ, эрчимнээхтик «Тустуу!» диэн команда бэриллэрэ бу күөн көрсүһүү көрүҥэр аат буолбут. Түс+т (элбэх ахсаан сыһыарыыта=Түст. Түст+уу [туохтуур ааты үөскэтэр сыһыарыы, холобур, бар+ыы=барыы, оонньоо+уу=оонньуу уо.д.а). Түст+уу=Тустуу (уһатыылаах [уу] сабыдыалынан өрө ассимиляция баран: [ү]—[у] буолар). Холобур, аттары сүүрдүүгэ: «Аттар түстүлээр!…»– дэһэн аттар сүүрүүлэрэ саҕаламмытын этэбит, бу кэриэтэ тутуһуу буолла, холоһууну саҕалааҥ диэн команда биэрэн этии —Тустуу (=Түстүү)
Сахалар курдаһан тустууга куһаат курдаах буолаллара. Куһаат да, куһаах, кусаах да дэнэр. Курдаах тустуу сүнньүнэн икки көрүҥнээх:
1. Бөҕөстөр иккиэн курдарын сөллүбэт гына курданаллар уонна киирсэллэр.
2. Бөҕөстөр иккиэн солко курдарын икки төбөтүттэн икки илиилэригэр эрийэ тутан ытыстарынан ыга туталлар уонна курдарынан куустуһардыы ылсаллар. Команда бэрилиннэҕинэ¬¬— эпсэри тардан ылан үөһэ көтөҕөн таһааран сиргэ охторуу биһирэммит, көрөргө астык албас этэ.
Курунан куһаат да бырахсаллара, ол ньыма аата кур (“ пояс “ ) суолталаах буолбут : кууһаат — куһаат кур. Бу тюрк–саха тыла нууччаларга —кусат, кушак диэн суруллар. Эбэтэр күүс — аат (күүсаат=кусаат) былдьаһарга аналлаах кур диэн өйдөбүллээх тыл (аат тыл) буолуоҕар сөп, күүс аах (аахсар)= куһаах, кусаах куус аах=кусаах. Бары тюрк тыллаахтарга «пояс»— кур. Кур диэн тыл үгүс омуктар тустууларын аатыгар олох («корень») буолбут: курес (казак.), кураш (узбек.), куряш (татаaр, башкир), хуреш (тува), гуреш (туркмен.)—бары ити норуоттар национальнай тустууларын ааттара.
Иккиһинэн, курес (казак.) гуреш (туркмен.) хуреш (тува) тустуулара былырыыҥны, былыргы иэс, кур иэс («матч–реванш») диэн суолталаах буолуоҕар сөп. Хотуулаахтар: «Эһиил тардыалаһар, атаҕар турар киһитэ булаарыҥ… Ат бөҕө киһигитин биһиги киһибит таһаҕас оҥостубата, ботуоҥка курдук ылан бырахта, ат гынна…» эҥин диэн тыл быраҕан кыһыталлара. Онон хотторуулаахтар кур иэскэ хаалбакка хайаан да хотордуу соруналлара. Атын нэһилиэк, улуус ааттаах күүстээх киһитин күтүөт гынан кур иэһи ситиһэр ньымалара эмиэ баара. Сахаларга тустуу (хапсаҕай) былыр оспуор (=спор, спорт), мөккүөр көрүҥэ буоларын, кыыс (дьахтар) бухатыырдаах остуоруйалар уонна олоҥхолор бааллара туоһулууллар. «Кыыс Бухатыыр, Кыыс Бүлгүн Бухатыыр, Кыыс Кыскыйдаан¬—имена сказочных героинь» (Э.К. Пекарский «Словарь якутского языка» 1959, столбик 1429), «Кылааннаах Кыыс Бухатыыр» диэн олоҥхо баар, Ньургун Боотур обургу Кыыс Ньургун дьүһүнүттэн–бодотуттан, тас таһаатыттан-көрүҥүттэн дьулайан сүр баттатар.
Иккиһинэн, эр дьон ортотугар, дьахтар дьон ортотугар диэн арааран хапсаҕайдаһыы суох этэ, онон хапсаҕай чахчы, дьиҥ–чахчы народнай тустуу. Туох да хааччаҕа, араарыыта суох (неограниченный) абсолютизм — Саха олоҕор, культуратыгар толору өйдөнөр, үрдүктүк биһирэнэр тустуу—Хапсаҕай. Маны хапсаҕайынан идэтийбит күүстээх кыргыттар–дьахталлар дьоҥҥо–сэргэҕэ былыр киэҥник биллэн суон сурахтаммыттара, албан аатырбыттара кэрэһэлиир.
Холобурдар:»…кини эдьийэ наһаа күүстээҕин… Кудай Бөҕөнү кытта тутуһан көрүөн саныырын барытын кэпсиир; Кыыс Күөбэкэни букатын тулуппат чинчилэнэр… хаста да Күөбэкэни охторо сыһар.» (И.Г. Березкин «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» 1977, стр. 167,171).
«Мин эдьийим эн кэлэн иһэргин истибит уонна тустан көрүөм диэн бэрткэ кэтэһэр,..» (Федоров Г.Е. «Сэргэ төрдүгэр сэһэн’’, 1991, стр.102).
«Но мало кто знает, что в 1944 г. в программе летней республиканской спартакиады Якутской АССР в хапсагае… в Горном районе 59 женщин наравне с мужчинами оспаривали пальму первенства на борцовских коврах, 38 «борцов в юбках» состязались в древнем искусстве в Сунтарском районе» («Физкультура и Спорт», Изд–во «Знание», Москва, 1990, стр.115). История ханнык да кэрдииһигэр норуот эр дьоно үксүгэр сэриигэ (кыргыһыыга) кыргыллан мөлтөөн–ахсаан ахсаан өртүнэн аҕыйаатаҕына, норуокка кыргыттар–дьахталлар сытыырхайан хоһууннара–хорсуннара киирэрэ. Холобур, Греция мифологиятыгар Малай Азияҕа Эгейскэй муора ЛЕМНОС арыытыгар сэрииһит—дьахталлар олороллоро. Кинилэри амазонкалар диэн ааттыыллара. Аты миинньэргэ аналлаах сон (плащ–платье) аата – амазонка, Соҕуруу Америкаҕа маннык ааттаах өрүс уонна бу өрүс хочото баар (Бразилия, Перу, Колумбия…)
Хапсаҕай былыргы искусство («древнее искусство») уонна норуот бүттүүнэ өрө туппут народнай тустуута этэ. Ол умнууга сылдьар, ол эрээри көҥүл тустууга кыргыттар билигин күрэстэһэллэр, онон устунан хапсаҕай да сөргүтүллүө диэн киһи эрэнэр.
Тыыллан–хабыллан сылдьар, күүстээх аатырбыт тустууктар ханнык эрэ ыһыахха дьахтарга хотторбуттарын, ол дьахтары сөҕөн, киһиттэн таһыччы күүстээҕин кырдьаҕастар кэпсэтэллэрин эдэр сылдьан истэр этим…
Биир норуот тустуута (илиинэн–атаҕынан киирсиигэ) хас да көрүҥнээх буолааччы: «МОГЕ», «ХУРЕШ» (Тува), «ЯКАЛАШМЕ», «ГУРЕШ» (Туркмен) «СУМО», «КАРАТЭ», «ДЗЮДО» (япон.).
Тустуу көрүҥүн арааһа Аан Дойдуга төһөтүн киһи ааҕан сиппэт. Яка (туркмен.), яха (азербайджан.)—өрүс биэрэгэ. Якалашме диэн туркменнар тустууларын аатын төрүт өйдөбүлэ: өрүс дьонун тустуута уонна якалас=якалаш, якалашме—мин өрүс олохтоохторунуу тустабын диэн буолуон сөп. Буолуон да сөп : сахалас=якалаш, сахалас мин= якалашме. Туркменнар саныыллара—өрүс айыы уута, кинилэр сүрүн өрүстэрэ— Амударья. Дарья (Персия тылыгар)—өрүс. Айыым+уу+дарья=Амударья? Урууларбыт–аймахтарбыт тустууларын ааттара саха киһитигэр олус өйдөнүмтүө ис хоһоонноохтор. Холобур: 1. ГУШТИНГИРИ (тадж.), Сахалыы хайдах баҕарар өйдүөххэ сөп: күүс–тыын киирии (киирсиитэ), күүс=гуш эбэтэр куус=гуш, тыын=тин, киирии=гири. Эбэтэр Күүс+тыын+40, т. к. «гир», “ кир» числовой суолтата = 40. Сахаларга да, атын да азиаттарга кыайыы–хотуу магическай сыыппарата—40. Үһүйээннэртэн үгүс холобуру булуоххутун сөп. Атыннык, таҥнары эргитэн эттэххэ, сир (дойду) күүстээхтэрин тыын (=аат) былдьаһар күрэстэһиилэрэ эбитэ ини… 2. ТУТУШ (карачаево–балкар.), сахалыыга буолар—тутус, тутуһан көр, холон, холос, тутуһан баран тустуу.
3. КОХ (армян.), сахалыыта= Көх, а.э. көх–көр–нар кэмигэр тэриллэр тустуу.
4. МОГЕ (тува)=БӨҔӨ (саха), т. к. саха да тылыгар [М] дорҕоон дьүөрэтэ (параллела) [Б] буолара үгүс: мэргэн—бэргэн, маҕана—баҕана, маарыан—баарыан, мурун—бурун, муус—буус уо.д.а.
5. Курес (казак.), куреш (тува), куряш (башк., татар), гуреш (туркмен) сахалыыта буолуон сөп : Кур Иэс («матч–реванш»); иккиһинэн, Курдаах Тустуу ; үсүһүнэн, күрэс (күрэстэһии) = курес, куреш, куряш, гуреш.
6. КАРАТЭ (япон.) нууччалыы «пустая рука’’ диэн тылбаастыыллар. Сахалыы өйдөбүлгэ: сэбэ – сэбиргэлэ суох сыгынньах илиинэн ( “ пустая рука’’) киирсэн киһитэ–харата өтөн кыайыы–хотуу —бу Каратэ. Хара=кара. Саха тылыгар тардыылаах аат тыл биир ахсаанын 3 сирэйин сыһыарыыта [–тэ] баар. Холобур: дьиэтэ, сүөһүтэ, кинигэтэ, эһэтэ, эбэтэ уо.д.а. Бу курдук: харата—харатэ—каратэ.
7. СУМО (япон.). Сахалыы чэрчи (чэччи) иһигэр тустууну санатар көрүҥ. Сахаларга да, японецтарга да ыраас буолуу символа—УУ. Сууй , суун , суунуох , сууйтар уо. д. а. сахалыы тылларга тыл олоҕо — “ Суу’’ буоларын өйдөөн көрүҥ , оттон «СУ» (тюрк.)—Уу («вода»). Сумо ритуалыгар айаҕы ууннан сайҕаныы үгэһэ баар, онон ыраас чиэһинэй киирсии диэн өйдөбүллээх эбит… Киһи уута суох сатаммат , онон саамай былыргы тыллартан биирдэстэрэ — УУ !!!
ЯПОННАР » УУ» диэн тыллаахтар дуо ? Соҕуруу Японияҕа элбэх сөҥүүнү (“ обильные осадки’’) — “ бай – у “ дииллэр (“ Советская Энциклопедический Словарь “ Изд – во “ Советская Энциклопедия “ , Москва , 1980, стр. 102.). Баай уу = бай – у .
8. КУНФУ (китай.), нууччалыы «рука, лишенная дурных намерений» диэн тылбаастыыллар, оттон сахалыы: кун–фу= күн–бу. Өйдөбүлэ: күн улууһун дьонун өстөһүүтэ суох, эйэ-дэмнээхтик күөн көрсүүтэ . Күн = Кун , бу = фу. Хайдах гынан, тугу тэрийэн–ситиһэн, туоҕу олохтоон аныгы үйэ сиэригэр сөп түбэһиннэрэн Хапсаҕайы сайыннарыахха сөбүй?!
Бастакытынан, Хапсаҕайы үйэтитэн сайыннарар сыаллаах былыргылыы быраабылаларга олоҕуран күрэстэһиилэри тиһигэ быстыбат гына , төгүрүк сыл устата тэрийэн ыытыллыахтаах , үстүү сыл буола – буолла Улахан Чемпионат циклын олохтуохха…
Иккиһинэн, ханнык баҕарар улахан спорт сайдарыгар төһүү уонна көҕүлүүр күүстэринэн буолаллар:
1. Спортсмен эрчиллэргэ бэлэм буоларыгар стабильнай уонна комфортнай условие (среда), база, спортсмены материальнай интэриэстээһин…
2. Бас–көс дьоннортон өйөбүл уонна ирдэбил (аныгы үйэҕэ коммерческэй расчеттаах да буоллаҕына киһи сүөргүлээбэт.).
3. Аат суол ылан норуокка биһирэтии, үтүөлээх ааты сүгүү, эдэрдэргэ чаҕылхай холобур буолуу.
4. Энньэ бириис төһө сыаналааҕынан уонна наадалааҕынан ол спорт өрө тутуллар, бар дьон кэрэхсэбилин ылан народнай характерданар уонна спортсмен азартын ылар.
Норуокка биллибит күүстээхтэр күөн көрсүһүүлэрэ сахаларга үгэс буолбут сиэринэн, хайаан да сакалааттаах, уксуулаах, тутуһуулаах, кыттыһан ууруулаах (хочуоллаһыылаах) буолара. Онон тэрилтэлэр, бөдөҥ фирмалар уо.д.а. төһөнү–хаччаны спонсордыыллара улахан оруоллаах уонна онтон тутулуктаах.
Үсүһүнэн, Хапсаҕай быраабылаларын чочуйуллуохтаах, билиҥҥи быраабылалар сыыһа–халты итэҕэс быһаарыылаахтар, олору туоратыллыахтаах. Саатар полуфиналга диэри 2:0; (2:1), онтон финалга 3:0; (3:1; 3:2) ахсааҥҥа кыайыыны биэриллиэхтээх. Оччотугар дэҥнэтии, алҕаһатыы, мүччү туттарыы диэн суох буолуо этэ. Дьиҥнээх хапсаҕайдьыт хатана–киилэ биллиэ, соргута үрдүө, аата–суола сураҕырыа этэ…
Былыргы Хапсаҕайга ким халбархай хамсаныылаах, короннай быраҕыылаах, түргэн, хапсаҕай туттуулаах, сылбырҕа–нымса–сытыы киириилээх–тахсыылаах наар кыайар буолара. Аны да дьиҥнээх кыайыыны–хотууну хапсаҕайга үйэлэртэн–үйэлэргэ чочуллан кэлбит классическай быраабылалар биэриэхтэрэ…
Прокопий Уран http://diaspora.sakhaopenworld.org/